Ол кэмңэ Галилея Назарет диэн куоратыттан Иисус кэлбитэ. Иоанн Кинини Иордан өрүскэ сүрэхтээбитэ. Кини ууттан тахсан иһэн халлаан сиигэ арыллыбытын уонна Айыы Тыын холууп буолан Киниэхэ түһэн иһэрин көрбүтэ. Сонно халлаантан саңа иһиллибитэ: Эн буолађын Мин Тапталлаах Уолум! Алгыспын, эрэлбин толороргуттан Мин үөрэбин! Сонно ол кэнниттэн Айыы Тыын Иисуһу иччитэх сиргэ илдьэ барбыта. Кини онно сиэмэх кыыллары кытары сођотођун сылдьыбыта, түөрт уон күн устата сатана Кинини тургутан көрбүтэ, оттон аанньаллар Киниэхэ көмөлөспүттэрэ.
Онтон, Иоанн тутуллубутун кэннэ, Иисус Галилеяђа тиийэн Таңара Баһылааһынын туһунан Үтүө Сурађы тарђатан барбыта. Кэмэ кэллэ, диирэ Кини, Таңара Бас билиитигэр киирэн эрэбит! Аньыыгытын билиниң уонна Үтүө Сурађы итэђэйиң! Биирдэ Иисус, Галилея күөлүн кытылынан хааман иһэн, Симоны уонна кини инитин Андрейы, балыксыт дьон сиэринэн күөлгэ муңхалыы сылдьалларын көрбүтэ. Миигин батыһың, диэбитэ Иисус кинилэргэ, оччођо Мин эһигини Миэхэ дьону түмээччи оңортуом! Ини-биилэр муңхаларын бырађа охсоннор Кинини батыспыттара. Салгыы баран иһэн Кини Иаков уонна Иоанн диэн Зеведей уолаттара тыыга муңхаларын абырахтыы олороллорун көрбүтэ. Иисус ыңырарын кытары кинилэр, ађаларын Зеведейи үлэһиттэрин кытта тыыга хаалларан, Кинини батыспыттара.
Бары Капернаумңа кэлбиттэригэр, Иисус сотору сођус, субуота күн синагогађа дьону үөрэтэ барбыта. Кини үөрэтиитэ дьону сөрү диэн сөхтөрбүтэ. Кини ыйаађы үөрэтээччилэр курдук буолбакка, бараммат былаастаах баһылык курдук үөрэтэрэ. Онно синагогађа куһађан тыын буулаабыт киһитэ баара, эмискэ хаһыытаабыт: Эн тођо биһиэхэ кыһалынның, Назареттан кэлбит Иисус? Эн биһигини иэдээңңэ тэбээри кэллиң дуо? Эн ким буоларгын мин билэбин. Эн Таңара Айыыта буолађын! Саңарыма! диэн буойбут онуоха Иисус. Тађыс киниттэн! Куһађан тыын, киһини үөһүн тартаран, орулаппытынан киниттэн тахсан барбыт. Дьон бары сөђөннөр бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаспыттар: Тугуй бу? Туох үлүгэр күүстээх саңа үөрэђэй? Кини куһађан тыыннары буойталыыр, онуоха кинилэр бас бэринэн Кини тылын толороллор! Сотору кэминэн Иисус туһунан сурах бүтүн Галилея сирин тилийэ көппүт. Оттон Иисус, Иаковы уонна Иоанны кытары синагогаттан тахсан, Симоннаах Андрей дьиэлэригэр кэлбит. Симон ийэ кынна ыарыытын тииһигэ киирэн сытара. Иисуска ыарыһах туһунан эппиттэр. Кини чугаһаан кэлэн, дьахтары илиититтэн ылан туруорбут. Сонно дьахтар ыарыыта ааһан хаалбыт уонна кинилэргэ ас тардыбытынан барбыт. Онтон киэһэ, күн киирбитин кэннэ, Иисуска араас ыарыһахтары уонна куһађан тыын буулаабыт дьоннорун ађалтаан барбыттар. Тиэргэн ааныгар куорат дьоно бары тођуоруйбут. Иисус араас ыарыылаах үгүс дьону үтүөрдүбүт. Куһађан тыыннары үтэйтэлээбит уонна Кини Ким буоларын билэллэрин иһин саңаралларын боппут. Сарсыарда буолуута, халлаан сырдыан быдан иннинэ Иисус туран иччитэх сиргэ тиийэн үңпүт. Симон уонна кинини кытта сылдьар атын үөрэнээччилэр Кинини көрдөөбүттэр. Булан бараннар Киниэхэ эппиттэр: Бары Эйигин көрдүүллэр. Иисус кинилэргэ эппит: Чугас эргин баар сэлиэнньэлэргэ барыађың, Мин онно эмиэ үөрэтиэхтээхпин, тођо диэтэргит, Мин ол туһугар кэлбитим эбээт. Ол курдук Кини, Галилея устун сылдьан, синагогаларга киирэн дьону үөрэппит, абааһылары үтэйтээбит.
Биирдэ Иисуска араң ыарыыга ылларбыт киһи кэлэн, Кини иннигэр сөһүргэстээн туран Киниттэн көрдөспүт-ааттаспыт: Миигин үтүөрт! Эн бађардаргын эрэ мин ыраастаныам этэ! Иисус кинини аһыммыт. Бађарабын, ыраастан! диэбит Кини, илиитин уунан ыарыһађы таарыйан баран. Ону кытары араң ыарыы бааһа оспут, били киһи тириитэ ырааһыран хаалбыт. бараары турдађына Иисус киниэхэ кытаанахтык эппит: Сэрэн, кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ. Бараңңын таңара үлэһитигэр көһүн уонна ыраастаммытың иһин Моисей ыйаађа ирдиир бэлэђин илдьэн биэр. Инньэ гынаңңын эн дьон иннигэр ыраастаммыккын кэрэһилиэң. Били киһи буоллађына, тэйэ түһээт, хайдах үтүөрбүтүн туһунан кэпсээн тарђатан барбыт. Онон Иисус куоракка илэ-бааччы киирэрэ табыллыбат буолбут, онтон сылтаан Кини куорат таһынаађы бүччүм сирдэринэн сылдьыбыт. Ол эрээри сир-сир аайыттан дьоннор Киниэхэ кэлэ турбуттар.