МАРКТАН ҮТҮӨ СУРАХ

Маҥнайгы түһүмэх

Иоанн Сүрэхтээччи

1:1 Таҥара Уола Иисус Христос туһунан Үтүө Сурах саҕаланыыта. 2 Исаия бороруок кинигэтигэрТаҥара бу курдук суруйтарбыт: «Эн иннигинэ Мин урут Илдьиппин ыытыаҕым, Кини Эйиэхэ суолгун бэлэмниэ; 3 иччитэх сиргэ саҥа иһиллэр: «Айыы Тойоҥҥо суолун бэлэмнээҥ, Кини кэлиэхтээх аартыгын көннөрөн биэриҥ». 4 Ол Иоанн Сүрэхтээччи этэ. Кини иччитэх сиргэ сылдьан дьону аньыыларыҥ бырастыы гыннаттарар туһугар Таҥараҕа эргиллэллэригэр уонна кэмсиммиттэрин бэлиэтигэр уунан сүрэхтэнэллэригэр ыҥырара. 5 Дьон киниэхэ Иерусалимтан уонна Иудея бары муннуктарыттан тиийэллэрэ. Аньыыларын билиммиттэри барыларын Иоанн Иордан өрүскэ сүрэхтиирэ. 6 Иоанн тэбиэн хатыылаах түүтүттэн өрүллүбүт таҥастааҕа, өттүгэр тирии курдааҕа итиэннэ аһыҥанан уонна ыҥырыа мүөтүнэн аһылыктанара. 7 Кини маннык диэн үөрэтэрэ: - Мин кэннибиттэн Иһээччи миигиннээҕэр Быдан Үрдүк. Мин сөһүргэстээн тураммын Кини атаҕын таҥаһын быатын да өһүлэргэ сөбө суохпун. 8 Мин эһигини уунан сүрэхтиибин, оттон Кини эһигини Айыы Тыынынан сүрэхтиэҕэ.

Иисус сүрэхтэниитэ уонна тургутуллуута

9 Ол кэмҥэ Галилея Назарет диэн куоратыттан Иисус кэлбитэ. Иоанн Кинини Иордан өрүскэ сүрэхтээбитэ. 10 Кини ууттан тахсан иһэн халлаан сиигэ арыллыбытын уонна Айыы Тыын холууп буолан Киниэхэ түһэн иһэрин көрбүтэ. 11 Сонно халлаантан саҥа иһиллибитэ: - Эн буолаҕын Мин Тапталлаах Уолум! Алгыспын, эрэлбин толороргуттан Мин үөрэбин! 12 Сонно ол кэнниттэн Айыы Тыын Иисуһу иччитэх сиргэ илдьэ барбыта. 13 Кини онно сиэмэх кыыллары кытары соҕотоҕун сылдьыбыта, түөрт уон күн устата сатана Кинини тургутан көрбүтэ, оттон аанньаллар Киниэхэ көмөлөспүттэрэ.

Маҥнайгы үөрэнээччилэр

14 Онтон, Иоанн тутуллубутун кэннэ, Иисус Галилеяҕа тиийэн Таҥара Баһылааһынын туһунан Үтүө Сураҕы тарҕатан барбыта. 15 - Кэмэ кэллэ, - диирэ Кини, - Таҥара Бас билиитигэр киирэн эрэбит! Аньыыгытын билиниҥ уонна Үтүө Сураҕы итэҕэйиҥ! 16 Биирдэ Иисус, Галилея күөлүн кытылынан хааман иһэн, Симоны уонна кини инитин Андрейы, балыксыт дьон сиэринэн күөлгэ муҥхалыы сылдьалларын көрбүтэ. 17 - Миигин батыһыҥ, - диэбитэ Иисус кинилэргэ, - оччоҕо Мин эһигини Миэхэ дьону түмээччи оҥортуом! 18 Ини-биилэр муҥхаларын быраҕа охсоннор Кинини батыспыттара. 19 Салгыы баран иһэн Кини Иаков уонна Иоанн диэн Зеведей уолаттара тыыга муҥхаларын абырахтыы олороллорун көрбүтэ. 20 Иисус ыҥырарын кытары кинилэр, аҕаларын Зеведейи үлэһиттэрин кытта тыыга хаалларан, Кинини батыспыттара.

Иисус ыарыһахтары үтүөрдэн барар

21 Бары Капернаумҥа кэлбиттэригэр, Иисус сотору соҕус, субуота күн синагогаҕа дьону үөрэтэ барбыта. 22 Кини үөрэтиитэ дьону сөрү диэн сөхтөрбүтэ. Кини ыйааҕы үөрэтээччилэр курдук буолбакка, бараммат былаастаах баһылык курдук үөрэтэрэ. 23 Онно синагогаҕа куһаҕан тыын буулаабыт киһитэ баара, эмискэ хаһыытаабыт: 24 - Эн тоҕо биһиэхэ кыһалынныҥ, Назареттан кэлбит Иисус? Эн биһигини иэдээҥҥэ тэбээри кэллиҥ дуо? Эн ким буоларгын мин билэбин. Эн Таҥара Айыыта буолаҕын! 25 - Саҥарыма! -диэн буойбут онуоха Иисус. -Таҕыс киниттэн! 26 Куһаҕан тыын, киһини үөһүн тартаран, орулаппытынан киниттэн тахсан барбыт. 27 Дьон бары сөҕөннөр бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыта ласпыттар: - Тугуй бу? Туох үлүгэр күүстээх саҥа үөрэҕэй? Кини куһаҕан тыыннары буойталыыр, онуоха кинилэр бас бэринэн Кини тылын толороллор! 28 Сотору кэминэн Иисус туһунан сурах бүтүн Галилея сирин тилийэ көппүт. 29 Оттон Иисус, Иаковы уонна Иоанны кытары синагогаттан тахсан, Симоннаах Андрей дьиэлэригэр кэлбит. 30 Симон ийэ кынна ыарыытын тииһигэ киирэн сытара. Иисуска ыарыһах туһунан эппиттэр. 31 Кини чугаһаан кэлэн, дьахтары илиититтэн ылан туруорбут. Сонно дьахтар ыарыыта ааһан хаалбыт уонна кинилэргэ ас тардыбытынан барбыт. 32 Онтон киэһэ, күн киирбитин кэннэ, Иисуска араас ыарыһахтары уонна куһаҕан тыын буулаабыт дьоннорун аҕалтаан барбыттар.33 Тиэргэн ааныгар куорат дьоно бары тоҕуоруйбут. 34 Иисус араас ыарыылаах үгүс дьону үтүөрдүбүт. Куһаҕан тыыннары үтэйтэлээбит уонна Кини Ким буоларын билэллэрин иһин саҥаралларын боппут. 35 Сарсыарда буолуута, халлаан сырдыан быдан иннинэ Иисус туран иччитэх сиргэ тиийэн үҥпүт. 36 Симон уонна кинини кытта сылдьар атын үөрэнээччилэр Кинини көрдөөбүттэр. 37 Булан бараннар Киниэхэ эппиттэр: - Бары Эйигин көрдүүллэр. 38 Иисус кинилэргэ эппит: - Чугас эргин баар сэлиэнньэлэргэ барыаҕыҥ, Мин онно эмиэ үөрэтиэхтээхпин, тоҕо диэтэргит, Мин ол туһугар кэлбитим эбээт. 39 Ол курдук Кини, Галилея устун сылдьан, синагогаларга киирэн дьону үөрэппит, абааһылары үтэйтээбит.

Араҥ ыарыылааҕы үтүөрдүү

40 Биирдэ Иисуска араҥ ыарыыга ылларбыт киһи кэлэн, Кини иннигэр сөһүргэстээн туран Киниттэн көрдөспүт-ааттаспыт: - Миигин үтүөрт! Эн баҕардаргын эрэ мин ыраастаныам этэ! 41 Иисус кинини аһыммыт. - Баҕарабын, ыраастан! - диэбит Кини, илиитин уунан ыарыһаҕы таарыйан баран. 42 Ону кытары араҥ ыарыы бааһа оспут, били киһи тириитэ ырааһыран хаалбыт. 43 Бараары турдаҕына Иисус киниэхэ кытаанахтык 44 эппит: - Сэрэн, кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ. Бараҥҥын таҥара үлэһитигэр көһүн уонна ыраастаммытыҥ иһин Моисей ыйааҕа ирдиир бэлэҕин илдьэн биэр. Инньэ гынаҥҥын эн дьон иннигэр ыраастаммыккын кэрэһилиэҥ. 45 Били киһи буоллаҕына, тэйэ түһээт, хайдах үтүөрбүтүн туһунан кэпсээн тарҕатан барбыт. Онон Иисус куоракка илэ-бааччы киирэрэ табыллыбат буолбут, онтон сылтаан Кини куорат таһынааҕы бүччүм сирдэринэн сылдьыбыт. Ол эрээри сир-сир аайыттан дьоннор Киниэхэ кэлэ турбуттар.

Иисус босхоҥу үтүөрдэр

2:1 Хас да хонон баран Иисус Капернаумҥа төннөн кэлбит. Кини дьиэтигэр баар сураҕа куоракка иһиллэ охсубут. 2 Сонно тута дьон бөҕө мустан, иһирдьэ да, таһырдьа да миэстэ суох буолбут. Иисус дьону үөрэтэ турдаҕына 3 түөрт киһи Киниэхэ босхоҥ буолбут ыарыһаҕы көтөҕөн аҕалбыттар. 4 Уонна, чутаһыыр кыахтара суох буолан, Кини баар дьиэтин үрдүн көтүрэн, ыарыһаҕы тэллэхтэри быанан иһирдьэ түһэрбиттэр. 5 Кинилэр хайдах курдук итэҕэйэллэрин көрөн, Иисус босхоҥ киһиэхэ этэр: - Тукаам! Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар! 6 Онно хас да ыйааҕы үөрэтээччилэр бааллара истэригэр санаабыттар: 7 -Туох-туох диирий? КиниТаҥараны холуннарда буолбаат? Соҕотох Таҥараттан ураты ким аньыыны-хараны бырастыы гыныахтааҕый? 8 Иисус, кинилэр истэригэр итинник санаабыттарын өтө көрбүт. - Тоҕо эһиги итинник саныыгыт? диэн ыйыппыт Кини. - 9 Хайата ордугуй? Босхоҥ буолбут киһиэхэ: «Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», - диир дуу эбэтэр: «Тур, тэллэххин ыл уонна хааман киирэн бар», - диир дуу? 10 Ол эрээри, Киһи Уола сиргэ аньыыны-хараны бырастыы гынар күүстээҕин билэргит туһугар... Инньэ диэн баран Кини босхоҥ киһиэхэ туһаайан эппит: 11 - Тур, тэллэххин ыл уонна дьиэҕэр бар. 12 Бары көрөн турдахтарына киһи сонно туран кэлбит, тэллэҕин ылбыт уонна тахсан барбыт. Бары ону наһаа сөхпүттэр уонна Таҥараны айхаллыы-айхаллыы: - Хаһан да манныгы көрбөтөхпүт! - дэспиттэр.

Иисус Левийи ыҥырар

13 Биирдэ Иисус эмиэ күөл кытылыгар тахсыбыт. Аттыгар элбэх киһи мустубут, Кини кинилэри үөрэппит. 14 Онтон күөл кытыытынан баран иһэн, түһээн хомуйар сиргэ олорор Алфей уолун Левийи көрбүт уонна киниэхэ: - Миигин батыс, - диэбит. Онуоха кини туран Иисуһу батыспыт. 15 Иисус үөрэнээччилэрин кытта Левий дьиэтигэр сынньана сыппыт. Онно кинилэри кытары элбэх түһээн хомуйааччылар уонна аньыылаах-харалаах дьоннор бииргэ сынньаммыттар, аһаспыттар Кинини батыһа сылдьааччы бэрт үгүс эбит. 16 Фарисейдар уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр Кини аньыылаахтары уонна түһээн хомуйааччылары кытта аһыырын көрөннөр, Иисус үөрэнээччилэригэр эппиттэр: - Тоҕо Кини түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытары иһэ-аһыы олороруй? 17 Ону истэн Иисус эппит: - Эмчиккэ чэгиэн дьон буолбакка, ыарыһахтар наадыйаллар. Мин аньыыта суохпут дэнээччилэри буолбакка, аньыылаахтары-харалаахтары аньыыны билинэргэ ыҥыра-үөрэтэ кэлбитим.

Субуота уонна астан туттунуу туһунан

18 Ол күннэргэ Иоанн уонна фарисейдар үөрэнээччилэрэ астан туттуна сылдьыбыттар. Үгүстэр Иисуска кэлэннэр ыйыталаспыттар: - Тоҕо Иоанн уонна фарисейдар үөрэнээччилэрэ астан туттунар үгэһи тутуһалларый, оттон Эн үөрэнээччилэриҥ тоҕо ону тутуспаттарый? 19 Онуоха Иисус кинилэргэ эппит: - Кэргэн кэпсэтээччи уол доҕотторо уруу кэмигэр астан туттумматтар буолбат дуо? Күтүөт баарына кинилэр тоҕо курутуйуохтарай? 20 Күтүөт кинилэртэн араарыллар күннэрэ да кэлиэхтэрэ, оччоҕо дьэ аһылыктан туттунуохтара. - 21 Ким даҕаны эргэ таҥаһы саҥанан абырахтаабат. Инньэ гыннаххына абыраҕыҥ силлэн түһүө, оччоҕуна хайдыбыт сириҥ өссө кэҥиэ. 22 Ким даҕаны саҥа көөнньүбүт арыгыны эргэ симииргэ куппат: инньэ гыннахха арыгыҥ симииргин тоҕо тэбиэ, арыгыҥ да, симиириҥ да мэлийиэ; ол иһин саҥа көөнньүбүт арыгыны саҥа симииргэ куталлар. 23 Биирдэ субуота күн Иисус бурдук ыһыллыбыт бааһынатынан баран испит. Онуоха үөрэнээччилэрэ аччыктааннар, ааһан иһэн 24 куоластары быһыта тардан, туорахтарын сиэн барбыттар. Ону көрөннөр фарисейдар Иисуска эппиттэр: - Тоҕо кинилэр субуота күн оҥоһуллуо суохтааҕы оҥороллоруй? 25 Иисус кинилэргэ хардарбыт: - Эһиги Давид ыраахтааҕы, кыһалҕаҕа ылларан уонна аччыктаан, арыалдьыттарынаан тугу гыммытын туһунан хаһан да аахпатаххыт дуо? 26 Хайдах кини Авиафар диэн таҥара үрдүкү үлэһитэ баарына Таҥара дьиэтигэр киирбитин уонна таҥара үлэһиттэриттэн ураты ким да сиэ суохтаах ытык килиэбин сиэбитин, өссө бэйэтин кытта сылдьааччыларга биэрбитин? 27 Уонна Иисус салгыы эппит: - Субуота күн киһи туһугар, оттон киһи субуота туһугар буолбатах. 28 Онон Киһи Уола субуота да күҥҥэ баһылык буолар!

Иисус хаппыт илиилээх киһини үтүөрдэр

3:1 Онтон эмиэ субуота күн Иисус синагогаҕа киирбит. Арай, онно хатан хаалбыт илиилээх киһи баар эбит. 2 Онно, субуота күн киһини эмтээтэ диэн буруйдаарылар, Кинини сорохтор кэтээн көрбүттэр. 3 Иисус буоллаҕына, хаппыт илиилээх киһиэхэ эппит: - Тахсаҥҥын инники тур. 4 Ол кэннэ Иисус дьонтон ыйыппыт: - Субуота күн үтүөнү оҥоруллуохтаах дуу эбэтэр куһаҕаны дуу? Тыынар тыыннааҕы быыһыыр куолута дуу, өлөрөр куолута дуу? Кинилэр тугу да саҥарбатахтар.5 Онуоха Иисус, кинилэри уордайбыт харахтарынан эргиччи көрөн баран, кинилэр сүрэхтэрэ тыйыһыттан курутуйан, били киһиэхэ эппит: - Илиигин уун! Киһи илиитин ууммутугар, сонно илиитэ чөлүгэр түспүт. 6 Синагогаттан тахсаат, фарисейдар Кинини суох оҥороорулар Ирод куомуннаахтарын кытары сүбэлэспиттэр. 7 Иисус үөрэнээччилэрин кытта күөл диэки барбыт. Баһаам элбэх Галилея уонна Иудея дьоно Кинини батыһан испиттэр. 8 Иерусалимтан, Идумеяттан, Иордан уҥуоруттан сылдьааччылар эмиэ. Бэл Тир уонна Сидон эргимтэлэриттэн Кини тугу гыммытын истэ-истэлэр, халҕаһалыы анньан кэлэ турбуттар. 9 Иисус, үмүөрүспүт дьоҥҥо үтүрүттэриэм диэн, үөрэнээччилэригэр оҥочо бэлэмниил-лэригэр эппит. 10 Тоҕо диэтэххэ, Иисус элбэх дьону үтүөрдүбүт буолан, ыарыылаах барыта Кинини таарыйан көрөөрү, Киниэхэ саба түһэр эбит. 11 Куһаҕан тыыҥҥа буулаппыттар Кинини көрдөхтөрүнэ иннигэр сөһүргэстии түһэллэрэ уонна хаһыытыыллара: - Эн Таҥара Уолаҕын! 12 Оттон Иисус инньэ дииллэрин кытаанахтык бобор эбит.

Иисус Бэйэтигэр уон икки апостолу талар

13 Иисус хайаҕа тахсыбыт уонна сөбүлээбит дьонун ыҥыртаан ылбыт.14 Кинилэртэн уон иккини Бэйэтин кытары сырытыннараары уонна үөрэҕи тарҕаттара ыытаары, 15 итиэннэ ыарыылары эмтиир, абааһылары үтэйэр кыаҕы биэрээри талан ылбыт: 16 Симоны, Петр диэн ааты биэрэн баран; 17 ол кэннэ Зеведей уолаттарын Иаковы уонна Иоанны, Воанергес, ол аата «этиҥ уолаттара» диэн ааттаан баран; 18 Андрейы, Филиппи, Варфоломейы, Матфейы, Фоманы, Алфей уолун Иаковы, Фаддейы, Симон Канониты; 19 ол кэннэ кэнники Кинини таҥнаран биэрбит Иуда Искариоты.

Иисуһу сатана күүһүн туһаныыга буруйдууллар

20 Онтон Иисус биир дьиэҕэ киирбитигэр онно эмиэ дьон бөҕөтө үмүөрүспүт, инньэ гынан Кини үөрэнээччилэринээн кыайан да аһаабатах. 21 Ону билэннэр Иисус аймахтара Кинини илдьэ бараары кэлбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, Кинини өйүттэн тахсыбыт диэн истибиттэр. 22 Иерусалимтан кэлбит ыйааҕы үөрэтээччилэр эппиттэр: - Кинини Веельзевул буулаабыт. Кини абааһылары бэйэлэрин тойоннорун көмөтүнэн киэр кыйдаталыыр. 23 Онуоха Иисус кинилэри ыҥыран ылан үгэномоҕунан үөрэппит: - Хайдах сатана бэйэтин киэр үтэйиэй? 24 Дойду бэйэтин иһигэр икки аҥы хайыннаҕына, бу дойду самнар. 25 Оттон дьиэ кэргэн бэйэтин иһигэр икки аҥы хайыннаҕына, бу кэргэн үрэллэр туруктанар. 26 Ол курдук, сатана бэйэтэ бэйэтин утары бардаҕына уонна икки аҥы хайыннаҕына, кини уйуттар кыаҕа суох буолар, бүтэр уһуга кэлэр. 27 Ким даҕаны күүстээх киһи дьиэтигэр киирэн, бу күүстээх киһини кэлгийбэккэ эрэ, кини малын-салын халыыр кыаҕа суох, кэлгийдэххэ эрэ кини дьиэтин халыахха сөп. 28 Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: дьоҥҥо тугу барытын бырастыы гыныллыаҕа: хайдахтаах да аньыыны-хараны, холуннарыыны; 29 оттон ким Айыы Тыыны холуннарбыт - ол үйэсаас тухары сотуллубат аньыыны оҥостон, үйэлэр тухары буруйдана туруо. 30 Иисус маны барытын, Кини иһигэр куһаҕан тыын киирбит дииллэрин иһин, эппит.

Иисус Ийэтэ уонна инилэрэ

31 Иисус Ийэтэ уонна инилэрэ кэлэннэр, дьиэ таһыгар туран, Кинини ыҥыттарбыттар. 32 Иисус дьон ортотугар олордоҕуна Киниэхэ эппиттэр: - Таһырдьа Ийэҥ уонна инилэриҥ тураллар, Эйигин ыйыталлар. 33 - Ким Миэхэ Ийэний уонна кимнээх Миэхэ инилэрий? - диэн ыйыппыт онуоха Иисус. 34 Онтон, тулалаан олорор дьону эргиччи көрөн баран, эппит: - Бу бааллар, Мин Ийэм уонна Мин инилэрим. 35 Ким Таҥара баҕатын толорор - ол Мин иним уонна аҕаһым, уонна Ийэм.

Бурдук ыһааччы туһунан үгэ-номох

4:1 Иисус эмиэ күөл кытылыгар киирэн үөрэтэ турбут. Кини тула олус элбэх киһи түмсүбүт, ол иһин Кини оҥочоҕо киирэн кытылтан тэйэн биэрбит. Оттон түмсүбүт дьон күөл кытыытыгар тураннар истибиттэр. 2 Кини кинилэри үксүн үгэ-номох-торунан үөрэппит уонна ол үөрэтэригэр кинилэргэ туһаайан бу курдук эппит: 3 - Истиҥ: дьэ арай бурдук ыһааччы ыһа тахсыбыт. 4 Кини ыһа сырыттаҕына, бурдук сиэмэтин сорҕото суолга тохтубут, онуоха көтөрдөр көтөн кэлбиттэр да, онтун тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр. 5 Оттон сороҕо аҕыйах буордаах таас сиргэ түспүт, уонна буора дириҥэ суох буолан, сотору баҕайы быган тахсыбыт.6 Күн уота сырайбытыгар үүммүт үүнүү курааннаан хатан хаалбыт, тоҕо диэтэххэ, дириҥник силис тарпатах. 7 Оттон сорҕото хатыылаах эрбэһин ортотугар түбэспит, ол хатыылаах эрбэһин саба үүнэн сиэмэҕэ үүнэр кыах биэрбэтэх, онон бу сиэмэ астамматах. 8 Сорох сиэмэ өҥ сиргэ түһэн, ас кутан, элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл элбэҕи биэрбит. 9 Уонна Иисус эбэн эппит: - Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин! 10 Дьон тарҕаспытын кэннэ, уон иккилэр атын үөрэнээччилэрдиин Кинини төгүрүйэн туран, ити үгэ-номох ис хоһоонун туһунан бүөмнээн ыйыталаспыттар. 11 Онуоха Иисус кинилэргэ маннык эппит: - Таҥара Баһылыыр Дойдутун кистэлэҥэ эһиэхэ эрэ арыллар, оттон ити тастан сылдьааччыларга барыта үгэ-номоҕунан бэриллэр, тиэрдиллэр. 12 Көрөр эрээри көрбөттөрүн, истэр эрээри истибэттэрин, онон итэҕэли ылынан аньыыларын бырастыы гыннарбаттарын туһутар. 13 Онтон Иисус кинилэртэн ыйыппыт: - Эһиги эмиэ бу үгэ-номоҕу өйдөөбөтөххүт дуу? Дьэ уонна хайдах атын холобурдары өйдүөххүтүй? 14 Ыһааччы тылы ыһар. 15 Суолга ыһыллыбыт маннык быһаарыллар: ол ыһыллыбыт тылы истибит дьоҥҥо сонно тута сатана кэлэр уонна кинилэр сүрэхтэригэр түспүт тылы уоран илдьэ барар. 16 Оттон тааска ыһыллыбыт, эмиэ бу курдук, тылы иһиттэллэр эрэ, тута үөрүүнү кытта ылынааччыларга тэҥнээх. 17 Ол эрээри, кинилэр бэйэлэригэр силиһэ-мутуга суох буоланнар аҕыйах кэмҥэ тулуһаллар: кутурҕаҥҥа ыллардахтарына эбэтэр тыл иһин сойуолаттардахтарына, тута мэлдьэһэ охсоллор.18 Оттон хатыылаах эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт - ол тылы истээччилэр. 19 Ол эрээри, кинилэргэ күннээҕи олох сүпсүгэ, баайга-дуолга ымсыы уонна да атын көрүнньүк баҕа санаа киирэн, тылы саба баттыыр, ол иһин ол тыл туһата суох хаалан хаалар. 20 Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт - ол тылы истээччилэр, ылынааччылар уонна ону туһаҕа туруорааччылар: сорох отут, сорох алта уон, сорох сүүс оччонон.

Сырдык туһунан

21 Онтон Иисус эппит: - Чүмэчини уматан баран иһит эбэтэр орон анныгар уурар баҕайыта дуо? Суох, чүмэчи олоҕор уурар куолута. 22 Ханнык да кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох, туох да кистэнэ сылдьыбыт таска тахсыбатаҕа диэн суох. 23 Ким истэр кулгаахтаах иһиттин! 24 Ол кэннэ кинилэргэ маннык диэбит: - Истибиккитин өйгүтүгэр хатааҥ: бэйэҕит ханнык мээрэйинэн мээрэйдиигит да, эһиэхэ оннук мээрэйинэн мээрэйдиэхтэрэ уонна өссө эбэн биэриэхтэрэ. 25 Тоҕо диэтэххэ, кимиэхэ баардаахха - бэриллиэ, оттон кимиэхэ суох, онтон аҕыйах да баардааҕа былдьаныа.

Туорах туһунан

26 Онтон Иисус Таҥара Баһылааһынын туһунан өссө биир холобуру биэрбит: - Киһи буорга туораҕы быраҕан баран, 27 түүн утуйар, күнүс турар, оттон туораҕа киһи бэйэтэ да билбэтйнэн үүнэн тахсар. 28 Сир бэйэтэ аһы биэрэр. Бастаан күөх араскы быгар, онтон бурдук куолаһа тахсар, онтон куолас туорахтанар; 29 онтон бурдук бустаҕына, хомуур саҕаланар, оччоҕо киһи сиэрпэтин ылан бурдугун быһа тахсар.

Тиит туораҕын туһунан

30 Иисус салгыы эппит: - Таҥара Баһылааһынын туохха тэҥнээн көрдөрүөххэ сөбүй? Хайа үгэ-номох тылынан быһаарыахха синий? 31 Кини тиит туораҕыттан тохтор сиэмэ кэриэтэ: сиргэ түһэрин саҕана буорга баар сиэмэлэртэн барыларыттан кини саамай кыралара. 32 Онтон үүнүүтэ - сиэмэттэн үүнээччилэртэн барыларыттан аарыма, кини суон уонна хойуу лабааларыгар бэл көтөрдөр уйа туттан олорор кыахтаахтар. 33 Ол курдук, төһө истэллэрин тухары, Иисус кинилэри үгэ-номохторунан үөрэппит. 34 Үгэ-номоҕо суох Кини кинилэргэ тугу да эппэтэх, ол эрээри, Бэйэтин үөрэнээччилэригэр ис хоһоонун туспа быһааран биэрэр эбит.

Иисус силлиэни тохтотор

35 Сол күн киэһэтигэр Иисус үөрэнээччилэригэр: - Күөл уҥуоргу кытылыгар туоруоҕуҥ, - диэбит. 36 Онуоха кинилэр, дьону ыыталаан баран, Иисус олорбут оҥочотунан уҥуор устубуттар. Кинилэри атын оҥочолор батыспыттар. 37 Эмискэ күүстээх силлиэ түспүт. Долгуннар оҥочону сабыта охсуолаабыттар, оҥочо уунан туолан барбыт.38 Ити кэмҥэ Иисус оҥочоҕо утуйа сыппыт. Куттаммыт үөрэнээччилэрэ Кинини уһугуннараннар маннык диэбиттэр: - Үөрэтээччи! Биһиги өлөн эрэбит дии, Эн онно кыһаммаккын дуо? 39 Иисус, уһуктан, тыалы буойбут уонна долгуннарга: - Чуумпуруҥ, тохтооҥ, - диэбит. Онуоха тыал астыбыт, улуу чуумпу сатыылаабыт. 40 - Тоҕо эһиги маннык куттанныгыт? - диэбит Кини үөрэнээччилэригэр. - Эбэтэр итэҕэлгит суох дуу? 41 Уолуһуйа куттаммыт үөрэнээччилэр икки ардыларыгар маннык дэспиттэр: - Кимий Кини? Тоҕо тыал да, уу да Киниэхэ бас бэринэллэрий?

Иисус куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт киһини үтүөрдэр

5:1 Кинилэр күөл уҥуоргу кытылыгар баар Гадара диэн сиргэ тиийэн кэлбиттэр. 2 Иисус оҥочоттон тахсарын кытта, өлбүт дьон көмүллүбүт хаспахтарыттан биир куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт киһи Киниэхэ уун-утары тахсан кэлбит. 3 Бу хаспахтарга дьиэлэнэр киһини ким даҕаны, бэл сыабынан да кэлгийэн, кыайан туппат эбит. 4 Кинини хас да төгүл хандалылаан уонна сыабынан кэлгийэн көрө сылдьыбыттар да, сыаптары быһыта тыытар уонна хандалыны үлтү сынньар эбит, ол иһин кинини ким да кыайан сыһыппат эбит. 5 Түүннэри-күннэри кини киһи уҥуохтарынан, хайаларынан сылдьан ыһыытыыр-хаһыытыыр, айманар, бэйэтин тааһынан кырбанар эбит. 6 Иисуһу ыраахтан көрөөт, кини сүүрэн кэлбит, тобуктуу түспүт 7 уонна үөгүлээбит: -Тоҕо Эн миэхэ наадыйдыҥ, Иисус, ҮрдүкТаҥара Уола? Таҥара туһугар ааттаһабын, миигин муҥнаама! 8 Тоҕо диэтэххэ Иисус: - Куһаҕан тыын, ити киһиттэн таҕыс, - диэбит эбит. 9 Иисус киниттэн ыйыппыт: - Аатыҥ кимий? Онуоха кини хардарбыт: - Үтүмэн диэн, тоҕо диэтэргин, биһиги элбэхпит. 10 Уонна эмиэ Иисустан, бу дойдуттан миигин киэр үүрүмэ диэн, көрдөс да көрдөс буолбут. 11 Ол кэмҥэ хайа эниэтигэр сибиинньэ үөрэ мэччийэ сылдьыбыт. 12 Куһаҕан тыыннар Иисустан көрдөспүттэр: - Биһигини сибиинньэлэргэ киирэрбит курдук үтэй. 13 Иисус ону көҥүллээбит. Онуоха куһаҕан тыыннар киһиттэн тахсаннар сибиинньэлэргэ киирбиттэр: сонно тута үөр - икки тыһыынча кэриҥэ төбө - эмпэрэттэн ууга ыстаммыт уонна тимирэн хаалбыт. 14 Сибиинньэлэр маныыһыттара сырсан тиийэннэр ол туһунан куоракка уонна чугастааҕы дэриэбинэлэргэ кэпсээбиттэр. Онон дьон туох буолбутун көрө кэлбиттэр.15 Иисуска кэлэн куһаҕан тыыннар буулаабыт киһилэрэ, таҥаһын таҥнан, өйдөнөн олорорун көрөн, олус куттаммыттар. 16 Түбэлтэни илэ көрбүт дьон куһаҕан тыыннарга буулаппыт киһи уонна сибиинньэлэр туох буолбуттарын кинилэргэ кэпсээбиттэр. 17 Ол кэннэ дьон Иисустан: - Биһиги сирбититтэн бар, - диэн көрдөспүттэр. 18 Иисус оҥочоҕо олорон эрдэҕинэ, били абааһыга буулата сылдьыбыт киһи Кинини кытта барсаары көрдөспүт, 19 ол эрээри Иисус көҥүллээбэтэх. - Дьиэҕэр, дьоҥҥор бар уонна кинилэргэ эйиэхэ Айыы Тойон тугу оҥорбутун уонна хайдах эйигин быыһаабытын кэпсээ, - диэбит Кини. 20 Үтүөрбүт киһи баран Уон куорат дойдутугар Иисус киниэхэ тугу оҥорбутун туһунан кэпсээбит. Кини кэпсээнэ дьону барытын сөхтөрбүт.

Кыысчааны тилиннэрии уонна ыарыһах дьахтары үтүөрдүү

21 Иисус оҥочонон нөҥүө кытылга төттөрү туораа-бытыгар, Кинини тула киһи бөҕөтө мустубут. Кини күөл кытылыгар олорбут. 22 Онтон Киниэхэ синагога тойотторуттан биирдэстэрэ Иаир диэн киһи кэлбит. Иисус иннигэр умса түһээт, кини ааттаспыт: 23 - Кыысчааным өлөн эрэр, Эн тиийэҥҥин киниэхэ илиигин уур, оччоҕо кини үтүөрүө, тыын-наах хаалыа. 24 Иисус кинини кытта барсыбыт. Кинини элбэх дьон батыспыт. Бары кэнниттэн үтүрүһэн испиттэр. 25 Онно уон икки сыл устата хаана баран эрэйдэммит дьахтар баара. 26 Кини элбэх эмчиккэ эмтэммит, туох баар үбүн барытын эмкэ бараабыт да, туһаны ылбатах, хата туруга эбии мөлтөөн иһэр эбит. 27 Иисус туһунан истибит буолан, кини дьон быыһынан Киниэхэ кэнниттэн чугаһаабыт уонна Кини таҥаһын таарыйбыт. 28 Тоҕо диэтэххэ дьахтар: - Кини таҥаһын да таарыйдахпына, хайаан да үтүөрүөм, - диэн бигэтик итэҕэйэр этэ. 29 Сонно тута кини хаана барара тохтоон хаалбыт, бэйэтэ буоллаҕына үтүөрбүтүн этинэн-хаанынан билиммит. 30 Иисус ити кэмҥэ киниттэн күүс тахсыбытын билэн, кэннин хайыспыт уонна дьонтон ыйыппыт: - Ким Мин таҥаспын таарыйда? 31 Онуоха үөрэнээччилэрэ эппиттэр: - Хайдах Эн бу үлүгэрдээх анньыһыыга ким Эйигин таарыйбытын туоһулаһаҕын? 32 Иисус, ким Кинини таарыйбытын билээри, эргиччи көрбүт. 33 Салҕалас буолуор диэри куттаммыт дьахтар кэлэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүт уонна туох буолбутун кырдьыгынан кэпсээн биэрбит. Иисус киниэхэ эппит: 34 -Тоойуом! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата! Этэҥҥэ сырыт уонна аны ыалдьыма. 35 Иисус итини этэ турдаҕына синагога тойонугар дьиэтиттэн дьоннор тиийэн кэлбиттэр уонна эппиттэр: - Кыыһыҥ өллө, тоҕо Үөрэтээччини өссө да сүпсүгүрдэ тураҕын? 36 Тугу эппиттэрин кулгааҕын таһынан аһаран, Иисус синагога тойонугар эппит: - Куттаныма, итэҕэй эрэ! 37 Иисус Петртан, Иаковтан уонна кини инитэ Иоаннтан ураты ким даҕаны Кинини кытары барсарын көҥүллээбэтэх. 38 Синагога тойонун дьиэтигэр кэлэннэр, аймалҕан буолбутун итиэннэ ытыы сылдьар, улаханнык суланар дьону көрбүттэр. 39 Иисус киирээт да эппит: - Тоҕо курутуйаҕыт уонна ытаһаҕыт? Кыыскыт өлбөтөх, утуйа сытар. 40 Онуоха дьон Кинини элэк оҥостубуттар. Оттон Иисус, барыларын үүртэлээн баран, кыыс аҕалаах ийэтин уонна үс үөрэнээччитин кытта кыысчаан хоһугар киирбит. Оҕону илиититтэн ылаат, Иисус эппит: 41 - Талита-кум! (Тылбаастаатахха: «Кыыс оҕо, эйиэхэ этэбин, тур»). 42 Кыыс сонно туран кэлбит уонна хааман барбыт: кини сааһа уон иккитэ эбит. Ону көрбүттэр сөҕүү бөҕөнү сөхпүттэр. 43 Иисус буоллаҕына, бу туһунан ким да билиэ суохтаах диэн кытаанахтык боппут уонна кыыһы аһатыҥ диэбит.

Назарет дьоно Иисуһу аанньа ахтыбаттарын биллэрэллэр

6:1 Иисус үөрэнээччилэринээн Бэйэтин төрөөбүт сиригэр кэлбит. 2 Субуота буолбутугар Кини синагогаҕа дьону үөрэтэ тиийбит, онуоха истибит дьон аһары сөҕөн эппиттэр: - Хантан Кини итини ылбытай? Хантан Кини маннык сээркээн өйдөммүтэй? Хайдах Кини итинник дьиктилэри оҥороруй? 3 Кини Мария диэн ийэлээх, Иаков, Иосий, Иуда уонна Симон диэн сурдьулардаах мас ууһа буолбатах дуо? Кини балыстара манна биһигини кытта бааллар буолбат дуо? Ол иһин Кинини ордук санааннар, кыйахам-мыттар. 4 Онуоха Иисус кинилэргэ эппит: - Бороруок ханна баҕарар ытыгыланар, кини, арай, бэйэтин дойдутугар, аймах-билэ дьонун ортотугар уонна дьиэтигэр-уотугар аанньа ахтыллыбат. 5 Онтон сылтаан Кини онно биир да дьиктини оҥорботох, арай, аҕыйах ыарыһахха илиитин ууран кинилэри үтүөрдүбүт. 6 Дьон итэҕэлэ суоҕа Иисуһу наһаа сөхтөрбүт.

Иисус уон икки апостолу ыыталыыр

Ол кэннэ Иисус чугастааҕы сэлиэнньэлэри кэрийэ сылдьан дьону үөрэппит. 7 Бэйэтин уон икки үөрэнээччитин ыҥыран ылан иккилии гынан тустуспа ыыталаабыт уонна баралларыгар куһаҕан тыыннары үтэйэр кыаҕы биэрбит. 8 Иисус кинилэри бу курдук такайан ыыппыт: - Суолга тайахтан ураты тугу даҕаны илдьэ барымаҥ. Килиэби да, хааһаҕы да ылымаҥ, кургутугар алтан харчыны да уктумаҥ. 9 Судургу атах таҥаһын кэтиҥ уонна икки хос таҥаһы ылымаҥ. 10 Өскөтө ханнык эмит ыалга түстэххитинэ, ол сиртэн тэйиэххитигэр диэри онно хаалыҥ. 11 Өскөтө ким эрэ эһигини киллэрбэтэҕинэ эбэтэр истиэн баҕарбатаҕына, онтон тахсан иһэҥҥит уллуҥаххыт иһэҕин, бэлиэ буоллун диэн, онно тэбээҥ. Дьиҥ чахчыны этэбин эһиэхэ: дьүүл күнүгэр ол куоракка Содомнаах Гоморратааҕар куһаҕан буолуо. 12 Ол кэнниттэн үөрэнээччилэр бараннар дьону аньыыны билинэргэ үөрэппиттэр. 13 Кинилэр элбэх абааһыны үтэйбиттэр уонна элбэх ыарыһаҕы арыынан уҥунуохтааннар үтүөрдүтэлээбиттэр.

Иоанн Сүрэхтээччи өлүүтэ

14 Иисус туһунан сурах сир-сир ахсын тарҕаммыт. Ирод ыраахтааҕы эмиэ ону истэн эппит: - Ити Иоанн Сүрэхтээччи тиллэн араас дьиктини барытын оҥорон эрэр. 15 Атыттар буоллаҕына Иисуһу Илия диэбиттэр, оттон сорохтор Кинини бороруок, биитэр былыргы бороруоктартан биирдэстэрэ буолуо дэспиттэр. 16 Онтон Ирод итини истэн эппит: - Ити мин төбөтүн быстарбыт Иоанным: кини өлөн баран тиллибит. 17 Ирод бэйэтин инитин Филипп ойоҕун Иродиаданы кэргэн ылбыт эбит. 18 Онуоха Иоанн Иродка: «Бэйэҥ иниҥ ойоҕун ойох гыныа суохтааххын», - диэбит. Ол иһин Ирод кинини туттаран ылан хаайыыга бырахпыт. 19 Иродиада буоллаҕына, Иоаҥҥа өстүйбүт уонна кинини өлөрүөн баҕарбыт да, ону кыайан ситиспэтэх. 20 Тоҕо диэтэххэ Ирод, Иоанн барытын сөпкө оҥорор айыы киһитэ буоларын билэр буолан, киниттэн саллара уонна кинини харыстыыра. Ирод Иоанн этэр тылын иһиттэҕинэ саарбахтыыра, мунаахсыйара эрээри, кинини сөбүлээн истэрэ. 21 Ол да буоллар биирдэ Ирод, төрөөбүт күнүн бэлиэтиир малааһыныгар үрдүк сололоох чаҕардарын, сэрииһиттэриттэн чулууларын уонна Галилея аҕа баһылыктарын ыҥырбытыгар, тоҕоостоох түгэн үүммүт. 22 Онно Иродиада кыыһа үҥкүүлээбит: ол үҥкүүлээн Ирод уонна кини ыалдьыттарын санаатын таппыт. Ыраахтааҕы кыыска эппит: - Тугу баҕараргын көрдөө, барытын биэриэм! 23 Ол кэннэ өссө андаҕайбыт: - Тугу да көрдөөбүтүҥ иһин, бас билэр дойдум аҥарыгар тиийэ биэриэм. 24 Кыыс тахсан ийэтиттэн: - Тугу көрдүүбүн? - диэн ыйыппыт. Онуоха ийэтэ эппит: - Иоанн Сүрэхтээччи төбөтүн. 25 Кыыс сонно тута ыраахтааҕыга тиэтэйэ-саарайа киирэн эппит: - Эн миэхэ сибилигин Иоанн Сүрэхтээччи төбөтүн бүлүүдэҕэ ууран биэриэххин баҕарабын. 26 Ыраахтааҕы курутуйбут, ол эрээри андаҕайбыт буолан, уонна 27-28 ыалдьыттарын туһуттан, киниэхэ аккаастыан баҕарбатах. Сонно тута ыраахтааҕы харабылын ыҥыран, Иоанн төбөтүн аҕаларга соруйан ыыппыт. Анарааҥыта түрмэҕэ барбыт уонна Иоанн төбөтүн быспыт, бүлүүдэҕэ уурбут уонна кыыска аҕалбыт, оттон кыыс ону ийэтигэр биэрбит. 29 Иоанн үөрэнээччилэрэ ону билэн кэлбиттэр уонна кини өлүгүн ылан харайбыттар.

Биэс тыһыынча киһини биэс килиэбинэн уоняа икки балыгынан тоторуу

30 Иисуска Апостоллар төннөн кэлбиттэр. Кинилэр Киниэхэ тугу оҥорбуттарын уонна дьону туохха үөрэппиттэрин кэпсээбиттэр. 31 Иисус кинилэргэ: - Иччитэх сиргэ бэйэҕит эрэ бүөмнээн бараҥҥыт кыратык сынньаныҥ, - диэбит. Тоҕо диэтэххэ, дьон бөҕөтө кэлэр-барар буолан, кинилэр аһыыр да сололоро суох эбит. 32 Онон кинилэр оҥочоҕо бэйэлэрэ эрэ олороннор, иччитэх сиргэ барбыттар. 33 Кинилэр баран эрэллэрин дьоннор көрөннөр, ол туһунан үгүстэр билбиттэр. Атын куораттартан кэлбит сатыы дьон күөйэ сүүрбүттэр уонна онно урутаан тиийбиттэр. 34 Иисус оҥочоттон тахсан элбэх киһи мустубутун көрбүт уонна, маныыһыта суох барааннар курдуктарын иһин, кинилэри аһыммыт. Ол иһин кинилэри элбэххэ үөрэтэн киирэн барбыт. 35 Онтон киэһэриитэ Иисуска үөрэнээччилэрэ кэлбиттэр уонна эппиттэр: - Бу сир иччитэх, күммүт буоллаҕына киэһэрдэ. 36 Дьону ыыталаа, чутастааҕы дэриэбинэлэргэ уонна сэлиэнньэлэргэ бараннар аһыылларыгар аста атыыластыннар. 37 Иисус кинилэргэ хардарбыт: - Эһиги кинилэргэ аста биэриҥ. Онуоха үөрэнээччилэр эппиттэр: - Арай, бараммыт икки сүүс динарийга килиэп атыылаһан аҕаламмыт кинилэри аһатарбыт дуу? 38 Иисус кинилэртэн ыйыппыт: - Эһиги төһө килиэптээххитий? Баран көрүҥ. Төһө баарын билэн баран, үөрэнээччилэр хоруйдаабыттар: - Биэс килиэп уонна икки балык. 39 Иисус дьоҥҥо бөлөх-бөлөх күөх окко олороллоругар соруйбут. 40 Дьон сүүстүү уонна биэс уоннуу буолан кэккэлэһэн олорбуттар. 41 Ол кэнниттэн Иисус биэс килиэби уонна икки балыгы ылаат, халлаан диэки көрбүт уонна Таҥараҕа махтаммыт. Уонна килиэби тоһуталаан, үөрэнээччи-лэригэр, дьоҥҥо түҥэтиҥ диэн, биэртэлээбит. Икки балыгы эмиэ барыларыгар үллэрбит. 42 Бары аһаабыттар уонна топпуттар. 43 Ол кэннэ өссө килиэп уонна балык тобоҕунан уон икки хоппону толорбуттар. 44 Бу килиэби биэс тыһыынча кэриҥэ киһи сиэбит.

Иисус уу ньуурунан хаамар

45 Ити кэнниттэн Иисус, Бэйэтэ дьону ыыталыыр кэмигэр, үөрэнээччилэрин оҥочоҕо олорон күөл уҥуор өттүгэр, Вифсаида диэн куоракка туоруу охсоллоругар соруйбут. 46 Ол кэннэ, кинилэри кытары бырастыылаһан баран, хайа үрдүгэр үҥэ-сүктэ тахсыбыт. 47 Түүн буолбутугар үөрэнээччилэр оҥочолоро күөл ортотугар тиийбит, оттон Иисус соҕотоҕун кытылга хаалбыт. 48 Онтон, кинилэр тыалы утары туох баар күүстэрин муҥунан эрдэллэрин көрөн, халлаан суһуктуйуута Кини, күөл үрдүнэн хааман, кинилэри ситэн ылбыт уонна ааһа барыахча буолбут. 49 Оттон кинилэр, Иисус күөл ньуурунан хааман иһэрин көрөннөр, сибиэн дии санаабыттар уонна сарылаһа түспүттэр. 50 Бары Кинини көрөн куттаммыттар. Онуоха Иисус кинилэри кытары сонно тута кэпсэтэн киирэн барбыт: - Бу Мин, эрдийиҥ, куттанымаҥ. 51 Ол кэнниттэн оҥочоҕо киирбит. Тыал онуоха астан хаалбыт. Кинилэр ону сөрү диэн сөхпүттэр. 52 Тоҕо диэтэххэ, кинилэр бүтэй сүрэхтээх буолан, оннооҕор Кини аҕыйах килиэбинэн итиччэ үгүс киһини тоторбутун үрдүнэн өйдөөбөтөх эбиттэр. 53 Уҥуор туорааннар кинилэр Геннисарет сирин булбуттар уонна кытылга тиксибиттэр. 54 Оҥочоттон тахсыбыттарьҥар дьон Иисуһу билэ охсубуттар. 55 Чутас эргин сирдэри тилийэ сүүрэннэр Кини ханна баар сирин биллэрбиттэр уонна ыарыһахтары тэллэххэ сытыарбытынан аҕалтаан барбыттар. 56 Ол кэннэ, Иисус ханна да - сэлиэнньэлэргэ, куораттарга да - тиийбитин иннигэр, ыарыһахтары болуоссаттарга сытыараллар эбит уонна Киниттэн, муҥ саатар, таҥаһын тэллэҕин таарыйары көҥүллүүрүгэр көрдөһөллөр эбит. Кинини таарыйбыттар бары үтүөрэн испиттэр.

Ыраас уонна быртах

7:1 Биирдэ Иисуска фарисейдар уонна Иерусалимтан хас да ыйааҕы үөрэтээччилэр кэлбиттэр. 2 Уонна Кини сорох үөрэнээччилэрэ килиэби илиилэрин сууммакка эрэ сииллэрин көрөн, хомуруйбуттар. 3 Тоҕо диэтэххэ фарисейдар бука бары уонна Иудейдар даҕаны, ытык кырдьаҕастар хаалларбыт үгэстэрин тутуһан, илиини суунар сиэри толорбокко эрэ аһаабаттар этэ. 4 Баһаартан кэлэн баран эмиэ сууммакка эрэ аһаабаттара. Итиэннэ онтон да атын элбэх тутуһар үгэстээх этилэр: иһиттэрин, кытыйаларын, алтан олгуйдарын сууйаллара. 5 Ол иһин фарисейдар уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр Иисустан ыйыппыттар: - Тоҕо Эн үөрэнээччилэриҥ кырдьаҕастар үгэстэрин тутуспакка килиэби быртах илиилэринэн ылан сииллэрий? 6 Онуоха Иисус хоруйдаабыт: - Эһиги тускутунан, сирэй көрбөхтөр, Исаия үчүгэйдик да өтө көрөн эппит эбит: «Бу дьон тылларынан эрэ Миигин ытыктыыллар, сүрэхтэринэн буоллаҕына Миигиттэн ыраахтар. 7 Ол кинилэр дьоҕойон эрэ Миигин ытыктаабыта буолан, дьиҥэр дьон олохтообут сиэрин, үгэһин тутуһарга үөрэтэллэр». 8 ЭһигиТаҥара кэс тылын умнаҥҥыт, дьон-аймах үгэһин тутуһаҕыт. Холобура, иһиккитин, кытыйаҕытын сууйаҕыт уонна онуоха маарынныыры үгүһү оҥороҕут. 9 Уонна эппит: - Эһиги бэйэҕит үгэскитин тутуһаарыгыт Таҥара кэс тылын умнары хата сатыыр эбиккит.10 Моисей эппитэ эбээт: «Аҕалаах ийэҕин ытыктаа» уонна «Аҕатын эбэтэр ийэтин холуннарааччы өлүөхтүн», - диэн. 11 Оттон эһиги этэҕит: өскөтүн киһи аҕатыгар эбэтэр ийэтигэр: «Тугу эн миигиттэн туһаныахтааҕыҥ корван (Таҥараҕа бэлэх) буолла», - диэтэҕинэ, 12 эһиги киниэхэ аҕатын уонна ийэтин туһугар кыһамматыгар көҥүл биэрэҕит. 13 Онон эһиги бэйэҕит олохтуур үгэскитинэн Таҥара тылын токурутаҕыт, итиэннэ онно холооннооҕу элбэҕи оҥороҕут. 14 Онтон Иисус эмиэ дьону ыҥыран ылан эппит: - Бары Миигин истиҥ уонна өйгүтүгэр хатааҥ. 15 Киһиэхэ тастан туох да киирбитин иннигэр, кинини быртаҕырдар кыаҕа суох. Киһи бэйэтин иһиттэн тахсыбыт, ол кинини быртаҕырдар. 17 Иисус тоҕуоруспут дьону хаалларан, дьиэҕэ киирбитин кэннэ үөрэнээччилэрэ Киниттэн ити үгэномох суолтатын ыйыппыттар. 18 Кини эппит: - Эһиги өссө да өйдөөбөтүгүт дуо? Киһиэхэ тастан туох да киирбитин иннигэр кинини быртаҕырдар кыаҕа суоҕун ырыҥалаабаккыт дуо? 19 Тоҕо диэтэргит, ол киирээччи сүрэххэ буолбакка, искэ киирэр уонна киэр таһаарыллар (онон ас барыта ырааһынан ааҕыллар). 20 Иисус салгыы эппит: - Киһини кини сүрэҕиттэн таһаарбыта быртаҕырдар. 21 Тоҕо диэтэргит, дьон иһиттэн, сүрэҕиттэн тахсар куһаҕан санаа, содур быһыы-майгы, уоруу, өлөрүү, 22 көрсүүлэһии, бэрик ылыы, өһүөн, уодаһын, сидьиҥ быһыы, ымсыы, холуннарыы, киэмсийии, ииригирии. 23 Ити куһаҕан дьаллык барыта киһиттэн тахсар уонна кинини быртаҕырдар.

Сирофиникия дьахтарын итэҕэлэ

24 Иисус ити сири хаалларан, Тир уонна Сидон диэки барбыт. Биир дьиэҕэ киирэн бэйэтин кимиэхэ да биллэрбэккэ сылдьыан баҕарбыт да, онто сатамматах. 25 Кинини кэлбитин куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт кыыстаах дьахтар билбит уонна кэлэн Кини атаҕар иилистэ түспүт. 26 ол дьахтар еврейка буолбатах, Сирофиникияттан төрүттээх эбит. Иисустан, кыыспыттан куһаҕан тыыны таһаар диэн, көрдөспүт. 27 Онуоха Кини эппит: - Бастаан оҕолор аһыахтаахтар: оҕолортон килиэптэрин былдьаан ылан ыттарга быраҕар куһаҕан буолбат дуо? 28 - Оннук, Айыы Тойон, - диэбит дьахтар, - ол эрээри, ыттар да оҕолор остуол анныгар түһэрбит тоорохойдорун сииллэр эбээт. 29 Онуоха Иисус дьахтарга маннык диэбит: - Ити тылыҥ иһин абааһы эн кыыскыттан таҕыста, бар. 30 Дьахтар дьиэтигэр тиийэн, абааһы тахсыбытын, кыыһа ороҥҥо сытарын көрбүт.

Дьүлэйи үтүөрдүү

31 Онтон Иисус, Тир уонна Сидон сирдэриттэн тахсан, Уон Куорат дойдутун нөҥүөлээн, Галилея күөлүгэр тиийэн кэлбит. 32 Онно Киниэхэ дьүлэй уонна бөлүөстүгэс тыллаах киһини аҕалбыттар уонна кини төбөтүгэр илиитин уурарыгар көрдөспүттэр. 33 Иисус кинини дьонтон тэйиччи илдьэн, Бэйэтин тарбахтарын кини кулгаахтарыгар укпут уонна, силлээн баран, кини тылын таарыйбыт. 34 Уонна Халлаан диэки өрө көрөн баран, ыара-ханнык үөһэ тыыммыт уонна эппит: - Еффата! (Атыннык эттэххэ, «чөллөрүй» диэн). 35 Сонно тута били киһи кулгаахтара чөллөрүйэ түспүттэр, тыла өһүллүбүт, кини ыраас бэйэлээхтик саҥарар буолбут. 36 Иисус маны кимиэхэ да кэпсээбэттэригэр дьаһайбыт. Ол эрээри, Кини төһөнөн элбэхтик бобор да, соччонон элбэх кэпсээн тарҕанар эбит. 37 Сөрү сөҕөннөр дьоннор этэллэрэ: - Кини бэркэ да гынар эбит: дьүлэйдэри истэр оҥорор, тыла суохтары саҥардар!

Түөрт тыһыынча киһини тоторуу

8:1 Эмиэ ол күннэргэ Иисуска элбэх дьон мустубутугар, аһыыр астара суох буолбут. Иисус үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан эппит: 2 - Мин бу дьону аһынабын, кинилэр Миигин кытары бииргэ сырыппыттара хайы-үйэ үс хонно, аһыылларыгар туохтара да суох. 3 Өскөтө кинилэри дьиэлэригэр аһаппакка ыыттахпына, суолга сэниэлэрэ эстиэҕэ, тоҕо диэтэххэ, сорохтор ыраахтан кэлбиттэрэ эбээт. 4 - Манна, иччитэх сиргэ, хантан килиэп булан кинилэри аһатыах баҕайыбытый? - дэспиттэр үөрэнээччилэрэ. 5 Онуоха Иисус ыйыппыт: - Эһиэхэ төһө килиэп баарый? - Сэттэ, - диэн хардарбыттар үөрэнээччилэр. 6 Иисус мустубут дьону сиргэ олордубут. Онтон били сэттэ килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһуталаабыт уонна үөрэнээччилэригэр биэрбит. Ону кинилэр дьонтто түҥэппиттэр. 7 Өссө кинилэргэ аҕыйах балык баар эбит. Ону Кини, Таҥараҕа махтанан баран, эмиэ үөрэнээччилэригэр дьоҥҥо түҥэттэрэ биэрбит. 8 Бары тото аһаабыттар. Ол кэннэ ордубут тобоҕунан сэттэ тымтайы толорбуттар. 9 Барыта онно түөрт тыһыынча кэриҥэ киһи аһаабыт эбит. Иисус кинилэри дьиэлэригэр ыыталаан кэбиспит. 10 Ол кэнниттэн тута үөрэнээччилэрин кытта оҥочоҕо олорон Далмануфа диэн сир диэки айаннаабыт.

Бэлиэни модьуйуу

11 Онно Иисуска фарисейдар кэлбиттэр уонна Кинини кытта мөккүһэн барбыттар. Кинини тургутан көрөөрү, Таҥараттан ыйдарыылааххын туоһулуур бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйбуттар. 12 Иисус, дириҥник үөһэ тыынан баран, эппит: - Тоҕо бу аймах бэлиэни модьуйарый? Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: бу аймахха ураты бэлиэ бэриллиэ суоҕа. 13 Ол кэннэ, кинилэри хаалларан баран, эмиэ оҥочоҕо олорбут уонна уҥуор туораабыт.

Фарисейдар уонна Ирод аһытыыта

14 Иисус үөрэнээччилэрэ килиэп илдьэ баралларын умнан кэбиспиттэр, онон оҥочолорутар биир эрэ килиэптээхтэр эбит. 15 Оттон Кини буоллаҕына: - Сэрэниҥ, фарисейдар аһытыыларыттан уонна Ирод аһытыытыттан харыстанар буолуҥ, - диэн такайа олорбут. 16 Ону кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар килиэппит суоҕун этэр диэн өйдөөбүттэр. 17 Ону өйдөөн, Иисус кинилэргэ эппит: - Эһиги килиэппит суох диэн тугу кэпсэтэҕит? Өссө даҕаны өйдөөбөтүгүт, ырыҥалаабатыгыт дуо? Сүрэххит бүтэйбитэ өссө да ааһа илик эбит дуу? 18 Харахтаах эрээри көрбөккүт дуу? Кулгаахтаах аата истибэккит дуо? Уонна умуннугут дуо? 19 Мин били биэс килиэби тоһутаммын биэс тыһыынча киһиэхэ түҥэппитим кэннэ эһиги хас толору килиэптээх хоппону хомуйбуккутуй? -Уон иккини, - диэн хоруйдаабыттар үөрэнээччилэрэ. 20 - Оттон били сэттэ килиэби түөрт тыһыынчаҕа үллэрбиппэр, хас тымтай тобоҕу хомуйбуккутуй? - Сэттэ, - дэспиттэр кинилэр. 21 Иисус кинилэргэ эппит: - Уонна өссө да өйдүү иликкит дуо?

Вифсаидаҕа хараҕа суоҕу үтүөрдүү

22 Вифсаидаҕа кэлбиттэригэр Иисуска хараҕа суох киһини аҕалбыттар уонна кинини таарый диэн көрдөспүттэр. 23 Иисус хараҕа суоҕу илиититтэн ылан сэлиэнньэттэн таһаарбыт уонна, хараҕар силлээн баран, киниэхэ илиитин уурбут итиэннэ ыйыппыт: - Тугу эмэ көрөҕүн дуо? 24 Били киһи хараҕын аһаат, эппит: - Дьону көрөбүн, кинилэр мас курдук барыҥнаһаллар. 25 Иисус илиилэрин өссө төгүл кини харахтарыгар уурбут, онуоха хараҕа суох тонолуппакка көрбүт уонна үтүөрэн, тугу барытын дьэҥкэтик көрөр буолбут. 26 Иисус кинини дьиэтигэр: - Сэлиэнньэҕэ таарыйбакка бар, - диэн сэрэтэн ыыппыт.

Петр Иисус Христос буоларын билинэр

27 Ол кэннэ Иисус үөрэнээччилэринээн Филипп Кесариятын сэлиэнньэлэригэр барбыттар. Аара Кини үөрэнээччилэриттэн ыйыппыт: - Дьон Миигин ким дии саныылларый? 28 Үөрэнээччилэрэ хардарбыттар: - Иоанн Сүрэхтээччи дииллэр. Сорохтор - Илия, атыттар - бороруоктартан биирдэстэрэ буолуо дэһэллэр. 29 - Оттон эһиги ким дии саныыгыт? Петр хоруйдаабыт: - Эн - Быыһааччыгын, Таҥара талбыт Уолаҕын. 30 Онуоха Кини Бэйэтин туһунан кимҥэ да эппэттэригэр модьуйбут.

Иисус эрэйи-муҥу көрүөхтээҕин туһунан кэпсиир

31 Ол кэннэ Иисус Бэйэтин туһунан Киһи Уола элбэх эрэйи-муҥу көрүөхтээҕин, аҕа баһылыктар уонна үрдүк сололоох таҥара үлэһиттэрэ, уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр Кинини туоратыахтаахтарын уонна өлөрүөхтээхтэрин итиэннэ үһүс күнүгэр Кини тиллиэхтээҕин кэпсээбит. 32 Маны барытын Кини аһаҕастык эппит. Онуоха Петр, Кинини ыҥыран ылан баран, сэмэлээн барбыт. 33 Иисус буоллаҕына эргиллэн үөрэнээччилэрин диэки көрбүт уонна Петрга кытаанахтык эппит: - Киэр буол Миигиттэн, сатана, тоҕо диэтэххэ, эн Таҥара туһун буолбакка, киһи туһун саныыгын! 34 Ол кэннэ дьону үөрэнээччилэрин кытары бииргэ ыҥыран ылан баран барыларыгар эппит: - Ким Миигин батыһыан баҕалаах, ол бэйэтиттэн аккаастаннын уонна бэйэтин кириэһин сүгэн Миигин батыстын. 35 Тоҕо диэтэргит, ким тыынын тэскилэтэ сатаабыт, ол - тыына быстыа, оттон ким Мин туспар уонна Үтүө Сурах туһугар тыынын толук уурбут, Ъл тыыннаах хаалыа. 36 Киһи тыынын толук ууран туран аан дойдуну баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой? 37 Киһи бэйэтин тыынын тутунан толуйуой? 38 Ким бу билиҥҥи аньыылаах уонна содур көлүөнэттэн Миигиттэн уонна Мин тылларбыттан сааппыттан Киһи Уола, Аҕам килбиэнигэр уйдаран сырдык аанньаллардыын эргиллэн кэллэхпинэ, бэйэтиттэн саатыаҕым.

9:1 Ол кэннэ Иисус кинилэргэ эппит: - Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: манна турар дьонтон сорохторо Таҥара Баһылыктааһына туругурбутун көрүөхтэрин иннинэ өлүөхтэрэ суоҕа.

Дьүһүн кубулуйуу

2 Онтон алтыс хонугар Иисус Петры, Иаковы уонна Иоанны атыттартан арааран илдьэ баран үрдүк хайаҕа таһаарбыт, итиэннэ кинилэр иннилэригэр дьүһүн кубулуйан көстүбүт. 3 Кини таҥаһа килбэҥнэс, кылбаа маҥан буолбут, сир үрдүгэр хайа да бэйэлээх туртатааччы кыайан туртаппатын курдук туртайан хаалбыт. 4 Сонно тута кинилэргэ Илия Моисейдыын көстөн кэлбиттэр уонна Иисустуун сэһэргэспиттэр. 5 Онуоха Петр Иисуска эппит: - Үөрэтээччи, манна сылдьарбыт үчүгэй даҕаны! Үс отуута тутуоҕуҥ: Эйиэхэ биири, Моисейга биири, Илияҕа биири. 6 Кини туох да диэн этиэн билбэккэ инньэ диэбит. Дьиҥэр бары олус куттаммыттар. 7 Сонно үрдүлэригэр былыт сатыылаан түспүт уонна былыт иһиттэн саҥа иһиллибит: - Бу баар - Мин Тапталлаах Уолум, Кинини истиҥ! 8 Онтон өйдөөн көрбүттэрэ - кинилэр иннилэригэр Иисустан ураты ким да суох эбит. 9 Ол кэннэ Иисус хайаттан түһэн иһэн кинилэри, Киһи Уола өлөн баран тиллиэр диэри, тугу көрбүттэрин кимиэхэ да кэпсээбэттэрин курдук сэрэппит. 10 Ону кинилэр толорбуттар эрээри: «Өлөн баран тиллэр» диэн тугуй?» - дэһиспиттэр. 11 Үөрэнээччилэр Иисустан ыйыталаспыттар: - Тоҕо ыйааҕы үөрэтээччилэр Илия урут кэлиэхтээх дииллэрий? 12 Кини хоруйдаабыт: - Кырдьык, Илия урутаан кэлиэхтээх уонна барытын оҥоруохтаах. Оттон КиһиУолун туһунан, Кини элбэхтик эрэйдэниэхтээҕин уонна атаҕастаныахтааҕын туһунан тоҕо суруллубутай? 13 Ол эрээри эһиэхэ Мин этэбин: суруллубутун курдук Илия хайы-үйэ кэлбитэ да, бастаахтар-көстөөхтөр кинини таптаабыттарынан дьаһайбыттара.

Куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт уолчааны үтүөрдүү

14 Үөрэнээччилэригэр төннөн кэлэн, кинилэр аттыларыгар элбэх дьон мустубутун уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр кинилэри кытары мөккүһэ туралларын көрбүт. 15 Дьон, Иисуһу көрөөт, соһуйбуттар уонна, сүүрэн кэлэн Кинини эҕэрдэлээбиттэр. 16 - Туох туһунан мөккүһэҕитий? - диэн ыйыппыт Иисус. 17 Мустубут дьонтон Киниэхэ биир киһи хардарбыт: - Үөрэтээччи! Мин Эйиэхэ тыла суох оҥорор абааһыга буулатан муҥнанар оҕобун аҕалбытым. 18 Ол абааһы кинини, ханна да сиппитин иннигэр, сиргэ охторор, оччоҕуна оҕом айаҕыттан күүгэн аллар, кини тииһин хабырынар, чиккэччи тартаран хаалар. Мин Эн үөрэнээччилэргэр ол абааһыны үтэйиҥ диэн эппитим да, кыайбатылар. 19 Иисус хардарбыт: - Оо, итэҕэлэ суох аймах! Хаһааҥҥа дылы эһигини кытта сылдьабын? Хаһааҥҥа дылы эһигини тулуйабын? Аҕалыҥ эрэ кинини Миэхэ. 20 Онуоха уолу Киниэхэ аҕалбыттар. Абааһы буулаабыт уола Иисуһу көрөөтүн, били баҕайы уолу күүскэ хам туппут. Уол сиргэ охтон түспүт, күүгэнинэн ыһыахтана, тартара сыппыт. 21 Иисус оҕо аҕатыттан ыйыппыт: - Төһө өр буолла, кини маннык буолта? Онуоха киһи хоруйдаабыт: - Кыра эрдэҕиттэн. 22 Абааһы кинини сотору-сотору ууга-уокка анньан өлөрөөрү хаайар. Тугу эмит кыайан оҥоруох буоллаххына, биһигини аһын, абыраа. 23 Иисус киниэхэ эппит: - «Тугу эмит кыайан оҥоруох буоллаххына» диигин. Итэҕэйдэргин эрэ туох барыта кыаллыа. 24 Сонно уол аҕата ытыы-ытыы саҥа аллайбыт: - Итэҕэйэбин, АйыыТойон! Итэҕэлбин бөҕөргөт! 25 Иисус, дьон мустан эрэрин көрөн, куһаҕан тыыҥҥа эппит: - Тыла суох уонна дьүлэй оҥорор абааһы! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна инникитин кииримэ! 26 Онуоха абааһы уолу хаһыытаппытынан иҥиир ситиитин тартарбыт уонна киниттэн тахсан барбыт. Уол өлбүт курдук буолбут, ол иһин үгүстэр: - Кини өллө, - дэспиттэр. 27 Иисус илиититтэн ылан туруорбутугар уол туран кэлбит. 28 Онтон Иисус дьиэҕэ киирбитигэр, үөрэнээччилэрэ Киниттэн ыйыппыттар: - Тоҕо биһиги кинини кыайан үтэйбэтэхпитий? 29 Онуоха Иисус хардарбыт: - Ити аймах мэлииппэттэн ураты тугунан да кыайан үтэйиллибэт. 30 Ол сиртэн тахсаннар, кинилэр Галилеяны туораан испиттэр. Иисус кимиэхэ да биллибэккэ ааһыан баҕарбыт. 31 Тоҕо диэтэххэ, Кини үөрэнээччилэригэр Бэйэтин туһунан кэпсии испит. - КиһиУола дьон илиитигэр бэриллиэҕэ. Кинини өлөрүөхтэрэ, онтон өлөн баран үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ, - диир эбит. 32 Кинилэр буоллаҕына бу этии суолтатын өйдөөбөт эрээрилэр, Киниттэн ыйытыахтарын саллыбыттар.

Ким суолтата улаханый?

33 Иисус үөрэнээччилэринээн Капернаумҥа кэлбит. Дьиэҕэ киирбиттэрин кэннэ Кини кинилэртэн ыйыппыт: - Аара суолга эһиги тугу кэпсэппиккитий? 34 Онуоха үөрэнээччилэрэ саҥарбатахтар. Тоҕо диэтэххэ, аара суолга бэйэлэрин икки ардыларыгар кинилэртэн ким ордук улахан суолталааҕын быһаарсан мөккүспүттэр. 35 Онуоха Иисус олорбут уонна Уон Иккилэрин ыҥыран ылан эппит: - Ким бастакы буолуон баҕарааччы бүтэһик уонна барыларыгар кулут буолуохтун. 36 Ол кэннэ оҕону ылан, кинилэр ортолоругар туруорбут уонна, кууһан баран, эппит: 37 - Ким маннык оҕолортон биирдэстэрин Мин аатым туһугар сүрэҕинэн ылыммыт, ол Миигин ылынар. Оттон ким Миигин ылынар - ол Миигин буолбакка - Миигин Ыыппыты ылынар.

Ким биһигини утарбат - ол биһиги диэки буолар

38 Онуоха Иоанн Иисуска эппит: - Үөрэтээччи! Биһиги Эн ааккынан туһанан абааһылары үтэйтэлиир эрээри, биһигини кытары сылдьыан баҕарбат киһини көрбүппүт, уонна, кини биһигини кытта сылдьыбатын иһин, инньэ гынарын боппуппут. 39 Иисус эппит: - Киниэхэ мэһэйдээмэҥ. Мин ааппыттан дьиктини, үтүөнү оҥорор киһи Миигин холуннарар кыаҕа суох. 40 Тоҕо диэтэххэ, ким эһигини утарбат, ол эһиги диэки. 41 Ким эһиэхэ, Христос киэннэрэҕит диэн, Мин аатым туһугар уу иһэрдибит, ол -кырдьыгы этэбин эһиэхэ - ылыахтаах манньатыттан матыа суоҕа. 42 Оттон ким эмэ субу маннык Миэхэ итэҕэйэр кыралартан биири даҕаны куһаҕаҥҥа угуйар буоллаҕына - кинини моонньугар суоруна тааһын кэтэрдэн баран муораҕа бырахпыттара бэйэтигэр быдан ордук буолуо. 43 Өскөтүн бэйэҥ илииҥ куһаҕаҥҥа угуйдаҕына, ону эн быһа оҕус. Умуллубат уоттаах үөдэн түгэҕэр икки илиилээх быраҕыллыаҥ кэриэтэ, илиитэ суох бараммат олоххо киирбитиҥ эйиэхэ быдан ордук. 45 Өскөтүн бэйэҥ атаҕыҥ куһаҕаҥҥа угуйдаҕына, ону эн быһа оҕус. Үөдэн түгэҕэр, умуллубат уокка икки атахтаах быраҕыллыаҥ кэриэтэ, доҕолоҥ атахтаах олох олорбутуҥ эйиэхэ ордук. 47 Өскөтүн бэйэҥ хараҕыҥ куһаҕаҥҥа угуйдаҕына, ону эн туура тарт. Икки харахтаах уоттаах үөдэн түгэҕэр быраҕыллыаҥ кэриэтэ, Таҥара Бас Билиитигэр соххор киирбитиҥ ордук. 48 Үөдэн түгэҕин үөннэрэ да өлбөттөр, уоттара да умуллубаттар. 49 Тоҕо диэтэххэ, ким барыта уотунан ыраас-таныаҕа. 50 Туус - үтүө ас; ол эрээри, туус аһыыта суох буоллаҕына, тугунан эһиги ону көн-нөрүөххүтүй? Искитигэр туустаах, бэйэ-бэйэ-ҕититигэр эйэлээх буолуҥ.

Иисус кэргэннэнии уонна арахсыы туһунан этэр

10:1 Иисус ол сиртэн тэйэн, Иордан уҥуор сытар Иудея сиригэр кэлбит. Киниэхэ эмиэ дьон мустубут, онуоха Кини үгэһинэн үөрэтэн барбыт. 2 Ол кэмҥэ фарисейдар тиийэн кэлэннэр, Кинини сыыһа үктэтээри тургутаннар ыйыталаспыттар: - Эр ойоҕуттан арахсыан сөп дуо? 3 Иисус кинилэргэ хоруйдаабыт: - Эһиэхэ Моисей кэриэһин тугу этэн хаалларбытай? 4 Кинилэр эппиттэр: - Моисей эр киһи ойоҕор арахсыы туһунан суругу биэрэн баран арахсарын көҥүллээбитэ. 5 - Моисей эһиги сүрэххит тыйыһыттан эһиэхэ итинник көҥүлү биэрбит, - диэбит Иисус. - 6 Айыы сирэ айыллыаҕыттан Таҥара эр киһини уонна дьахтары айбыта. 7 Онон эр киһи ийэтин уонна аҕатын да хаалларан туран 8 ойоҕор сыстар, оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолаллар, ол аата кинилэр икки аҥы буолбакка, хайы-үйэ биирдик тыынар биир эт-хаан буолаллар. 9 Таҥара холбообутун киһи араарыа суохтаах. 10 Онтон Кини дьиэҕэ киирбитин кэннэ онно баар үөрэнээччилэр бу туһунан хос ыйыппыттар. 11 Иисус кинилэргэ маннык диэбит: Ким бэйэтин ойоҕуттан арахсан атыны ойох ылбыт, ол ойохтоох сылдьан көрсүүлэспитин тэҥэ. 12 Өскөтүн дьахтар, бэйэтин эрин быраҕан, атын киһиэхэ эргэ таҕыстаҕына, эмиэ көрсүүлэһэрин тэҥэ.

Иисус оҕолору алгыыр

13 Иисуска оҕолору, Кини илиитинэн таарыйаарай диэн, аҕалтыы сылдьыбыттарын үөрэнээччилэрэ сэмэлээбиттэр. 14 Иисус ону көрөн, уордайан эппит: -Таҥара Баһылааһына оҕолор тустарыгар буолар, онон кинилэр Миэхэ кэлэллэрин бобумаҥ, кинилэргэ мэһэйдээмэҥ. 15 Чахчы этэбин: ким Таҥара Баһылааһынын оҕо курдук ылымматах, ол онно киириэ суоҕа. 16 Ол кэннэ Иисус оҕолору кууспут, илиитин ууран туран кинилэри алҕаабыт.

Баай киһи

17 Онтон Иисус бараары тахсан истэҕинэ, хайа эрэ киһи сүүрэн кэлбит уонна, Кини иннигэр сөһүргэстээн баран, Киниттэн ыйыталаспыт: - Алгыстаах Үөрэтээччи, бараммат олоххо тиксэр туһугар мин тугу гыныахтаахпыный? 18 - Тоҕо Миигин Алгыстаах диигин? - хоруйдаабыт Иисус. - СоҕотохТаҥараттан ураты ким да Алгыстаах буолбат. 19 Эн кэһиллибэт кэриэстэри билэҕин: «Өлөрүмэ, көрсүүлэһимэ, уорума, сымыйанан туоһулаама, албыннаама, ийэҕинаҕаҕын ытыгылаа». 20 - Үөрэтээччи, мин итини барытын эдэр эрдэхпиттэн билэбин, - диэбит били киһи. 21 Иисус, кинини таптыыр хараҕынан көрөн баран, эппит: - Эйиэхэ биириҥ тиийбэт: бар, туох баардааххын барытын атыылаа уонна умнаһыттарга үллэр, оччоҕо халлааҥҥа күндү баайдаах буолуоҥ; ол кэннэ кэл, Миигин батыс. 22 Киһи бу тылтан сирэйэ өспүт уонна мунчааран баран хаалбыт. Кини наһаа баай эбит. 23 Эргиччи көрөн баран, Иисус үөрэнээччилэригэр эппит: - Баай дьон Таҥара Бас Билиитигэр бэринэллэрэ хайдахтаах ыараханый! 24 Үөрэнээччилэр Кини ити тылларын салла истибиттэр. Оттон Иисус кинилэргэ хатылаан эппит: - Оҕолоруом! Таҥара Бас Билиитигэр киирэр хайдахтаах ыараханый! 25 Баай киһи Таҥара Бас Билиитигэр киириэҕинээҕэр тэбиэн иннэ үүтүнэн ааспыта быдан чэпчэки. 26 Үөрэнээччилэрэ сөрү диэн сөхпүттэр, бэйэ-бэйэлэриттэн: - Оччоҕо ким кыайан быыһаныай? - диэн ыйыталаспыттар. 27 Иисус, кинилэр диэки көрөн баран, эппит: - Ол дьоҥҥо кыаллыбат, Таҥараҕа буолбатах. Таҥара кыайбата диэн суох. 28 Петр Иисуска эппит: - Биһиги туохпутун барытын быраҕан Эйигин батыспыппыт. 29 Иисус хардарбыт: - Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Мин туспар уонна Үтүө Сурах туһугар дьиэлэрин эбэтэр убайдарын инилэрин, аҕастарын-балыстарын, эбэтэр ийэлэрин-аҕаларын, эбэтэр оҕолорун, эбэтэр сирдэрин хаалларбыттар 30 билигин, бу кэмҥэ, үүрүллэ да сылдьаннар, сүүс төгүл элбэх дьиэни, убайдары-инилэри, аҕастары-балыстары, ийэлэри-аҕалары, уонна оҕолору, уонна сирдэри булуохтара, оттон кэлэр үйэҕэ бараммат олоххо тиксиэхтэрэ. 31 Ол эрээри үгүс бастакылар кэнники буолуохтара, элбэх кэнникилэр бастыахтара.

Иисус өлөрүн туһунан кэпсиир

32 Иерусалимҥа тиийээрилэр, кинилэр суол устун баран испиттэр. Иисус бастаан испит, оттон үөрэнээччилэрэ наһаа куттана-куттана батыһан испиттэр. Онуоха Иисус Уон Икки үөрэнээччитин эмиэ туора ыҥыран ылан, инники Кинини туох күүтэрин кэпсээн барбыт: 33 - Бу биһиги Иерусалимнаан иһэбит. Онно Киһи Уолун таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэригэр уонна ыйааҕы үөрэтээччилэргэ туттарыахтара, олор Кинини өлөрөргө ууруохтара, ол кэннэ Тыыннаах Таҥараны билиммэт дьоҥҥо биэриэхтэрэ. 34 Кинини ыардык атаҕастыахтара, муҥнуохтара, Киниэхэ силлиэхтэрэ-хаахтыахтара, Кинини сынньыахтара-кырбыахтара, ол кэннэ өлөрүөхтэрэ, онтон үһүс хонугар Кини тиллиэҕэ. 35 Иисуска Зеведей уолаттара, Иаковтаах Иоанн, чугаһаан кэлэннэр эппиттэр: - Үөрэтээччи! Биһиги Эйиэхэ көрдөһүүлээхпит, толоруоҥ буолаарай? 36 - Тугу оҥорторуоххутун баҕараҕыт? - диэбит Кини. 37 Онуоха кинилэр эппиттэр: - Эн туругурдаххына, килбиэҥҥэр биирбит уҥа өттүгэр, иккиспит хаҥас өттүгэр олорорун көҥүллээ. 38 Онуоха Иисус эппит: -Тугу көрдөһөргүтүн бэйэҕит да билбэккит. Мин иһэр иһиппиттэн кыайан иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн уйан сүрэхтэниэххит дуо? 39 Кинилэр: - Кыайыахпыт, - дэспиттэр. Онуоха Иисус кинилэргэ эппит: - Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн да сүрэхтэниэххит, 40 ол эрээри Мин уҥа эбэтэр хаҥас өттүбэр олорору көҥүллүүр Миигиттэн тутулуга суох, кимиэхэ анаммыт - ол олоруо. 41 Ону истэн, атын уон үөрэнээччи Иаковка уонна Иоаҥҥа абарбыттар. 42 Иисус, кинилэри ыҥыран ылан баран, маннык диэбит: - Эһиги билэҕит: бар-дьону тойон ааттаахтар баһылыыллар, бастаахтар-көстөөхтөр ыйалларкэрдэллэр. 43 Оттон эһиги икки ардыгытыгар оннук буолбатын: ким эһиги искитигэр атыттартан улаатыан баҕарбыт эһиэхэ кулут буоллун. 44 Ол кэннэ ким эһиги икки ардыгытыгар бастыан баҕарбыт барыгытыгар кулут буоллун. 45 Тоҕо диэтэххэ, Киһи Уола Бэйэтигэр туһалатаары кэлбэтэҕэ, туһалаары уонна тыынын дьон иһин толук уураары кэлбитэ.

Иисус хараҕа суох Вартимейи үтүөрдэр

46 Иисустаах Иерихоҥҥа кэлбиттэр. Кэлин Иерихонтан тахсан истэхтэринэ, Тимей уола Вартимей, хараҕа суох умнаһыт, суол кытыытыгар олорбут. 47 Аттынан Назареттан төрүттээх Иисус ааһан иһэрин истэн, кини хаһыытыы түспүт: - Давид уола, Иисус! Миигин аһын! 48 Үгүстэр кинини саба саҥара сатаабыттар да, ол киһи өссө күүскэ хаһыытаабыт: - Давид уола! Миигин аһын-харыһый! 49 Иисус тохтоон кинини ыҥыртарбыт. Хараҕа суоҕу ыҥыраннар эппиттэр: - Куттаныма, кэл, Кини эйигин ыҥырар! 50 Онуоха Вартимей, сонун устан быраҕаат, ойон турбут уонна Иисуска чугаһаабыт. 51 Иисус эппит: - Мин эйиэхэ тугу оҥоруохпун баҕараҕын? - Үөрэтээччи! Көрөр буолуохпун баҕарабын, -диэхтээбит хараҕа суох. 52 - Бар, - диэбит киниэхэ Иисус. - Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата. Сонно тута Вартимей-харахтаммыт уонна Иисуһу суол устун батысмытынан барбыт.

Иисус Иерусалимҥа киириитэ

11:1 Иерусалим чугаһыгар турар Елеон хайатыгар баар Виффагия уонна Вифания диэн дэриэбинэлэргэ чугаһаан эрдэхтэринэ, Иисус икки үөрэнээччитин инники ыыппыт. 2 - Иннибитигэр көстөр сэлиэнньэҕэ барыҥ. Онно киирээт даҕаны баайыллан турар эдэр өсүөлү булуоххут. Бу өсүөлү өссө ким да миинэн көрө илик. Баайыытын сүөрэн кинини манна аҕалыҥ. 3 Өскөтүн ким эмит бу тугу гынаҕыт диэн ыйыттаҕына, кини Айыы Тойоҥҥо наада уонна итини Кини тута төттөрү ыытыаҕа диэн хоруйдаарыҥ. 4 Үөрэнээччилэр бараннар, олбуор айаҕар баайыллан турар эдэр өсүөлү буланнар, быатын сүөрбүттэр. 5 Онно баар дьонтон сорохторо кинилэртэн ыйыппыттар: Тугу гынаҕыт? Тоҕо өсүөлү сүөрдүгүт? 6 Кинилэр онуоха Иисус үөрэппитин курдук хардарбыттар. Ол иһин били дьон кинилэри туппатахтар. 7 Өсүөлү Иисуска аҕаланнар, көхсүгэр таҥастарын тэлгээбиттэр. Иисус өсүөлү мииммит. 8 Үгүстэр суолга таҥастарын, атыттар мастар лабааларын быһан ылан тэлгээбиттэр. 9 Инники иһээччилэр уонна арыаллааччылар хаһыытаһа испиттэр: - Осанна! Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһээччи алгыстаннын! 10 Аҕабыт Давид кэлэн иһэр Баһылыктааһына алгыстаннын! Үөһэттэн осанна! 11 Иисус Иерусалимҥа кэлэн Храмҥа киирбит. Кини барытын сирийэн көрбүт, онтон, киэһэ буолбутун быһыытынан, Уон Икки үөрэнээччитин кытары Вифанияҕа барбыт. Иисус атыыһыттары Храмтан үүртэлиир 12 Нөҥүө күнүгэр кинилэр Вифанияттан тахсыбыттар. Иисус аччыктаабыт 13 уонна ыраахтан сэбирдэхтээх инжир маһы көрөн, киниттэн туту эмит булаайамый диэн, чугаһаан кэлбит. Ол эрээри, сэбирдэхтэриттэн атын отону булбатах; тоҕо диэтэххэ, инжиры хомуйар кэм кэлэ илик эбит. 14 Уонна киниэхэ туһаайан, Иисус эппит: - Мантан антах ким даҕаны эйигиттэн үйэ-саас тухары отону булан сиэбэтин. Ону Кини үөрэнээччилэрэ истибиттэр. 15 Иерусалимҥа кэлбиттэр. Иисус, Храмҥа киирэн, тиэргэҥҥэ баар атыыһыттары уонна атыылаһааччылары холдьохпут. Харчы уларытааччылар остуолларын уонна холууп атыылааччылар лааппыларын түҥнэритэ анньыталаабыт. 16 Уонна Храм иһинэн ким да тугу да илдьэ ааһарын көҥүллээбэтэх. 17 - «Мин дьиэм бары норуоттарга үҥэр дьиэ диэн ааттаныа» диэн суруллубатаҕа дуо? Оттон эһиги ону түөкүттэр ордууларыгар кубулуппуккут, - диэбит Иисус. 18 Ону таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр истибиттэр уонна Кинини хайдах өлөрөр ньыманы көрдөөбүттэр: тоҕо диэтэххэ, кинилэр, бар дьон Иисус үөрэҕин сөҕөрүн иһин, Киниттэн куттаналлар эбит. 19 Киэһэ буолбутугар Кини куораттан тахсыбыт.

Хаппыт инжир мас

20 Сарсыарда буоллаҕына, ааһан иһэн, кинилэр били инжир силиһигэр тиийэ хатан хаалбытын көрбүттэр. 21 Петр, өй ылан, Иисуска эппит: - Рабби! Көр эрэ, Эн кыраабыт инжирыҥ хатан хаалбыт. 22 Иисус киниэхэ хардарбыт: 23 -Таҥараны итэҕэйэр буолуҥ. Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ким бу хайаҕа: «Тур уонна муораҕа түс» дииригэр, ити эппитим хайаан да туолуо диэн, ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбаҕалаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына - ол тугу эппитэ барыта туолуо. 24 Ол иһин эһиэхэ этэбин: үҥэргитигэр тугу көрдөспүппүтүн ылыахпыт диэн итэҕэйиҥ - оччоҕо ол барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 25 Уонна, үҥэ туран, кимиэхэ эмэ хоргута саныырдаах буоллаххытына, ону бырастыы гыныҥ, эһиги Халлааннааҕы Аҕаҕыт оччоҕуна эһиги аньыыларгытын бырастыы гыныаҕа.

Иудея таҥаратын үлэһиттэрэ Иисустан кыаҕын туһунан ыйыталлар

27 Онтон Иисустаах эмиэ Иерусалимҥа кэлбиттэр. Иисус Храмҥа сырыттаҕына, Киниэхэ таҥара үлэһиттэрэ, ыйааҕы үөрэтээччилэр уонна аҕа баһылыктар чугаһаан кэлэннэр 28 эппиттэр: - Хантан ылбыт былааскынан Эн маны оҥороҕун? Ким Эйиэхэ бу маны барытын оҥорорго көҥүлү биэрдэ? 29 Иисус кинилэргэ хардарбыт: - Мин эмиэ эһигиттэн биири ыйытыам. Онно хоруйдааҥ, оччоҕо Мин эһиэхэ хантан ылбыт көҥүлбүнэн маны оҥорорбун этиэм. 30 Иоанн сүрэхтиирэ халлаантан этэ дуу, эбэтэр дьонтон дуу? Этиҥ. 31 Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэр: - Өскөтүн «халлаантан» диэтэхпитинэ, Кини этиэ: «Оччоҕо тоҕо эһиги кинини итэҕэйбэтэххитий?» 32 «Дьонтон» диэхтэрин, кинилэр мустубут дьонтон куттаналлара. Тоҕо диэтэххэ, дьон барыта Иоанн чахчы Таҥара бороруога буоларыгар итэҕэйэрэ. 33 Ол иһин кинилэр Иисуска: - Билбэппит, - диэн хардарбыттар. Онуоха Иисус кинилэргэ эппит: - Оччоҕо Мин эмиэ эһиэхэ хантан ылбыт былааспынан барытын оҥорорбун эппэппин.

Виноград сирин куортамҥа туттарбыт киһи

12:1 Онтон Иисус кинилэргэ үгэ-номоҕунан кэпсээн киирэн барбыт: - Биир киһи виноград олордубут уонна бүтэйдээн кэбиспит, виноград сүмэһинин ыгар тэриллээх оҥхой хаспыт, харабыл үрдэбилин туппут, ол кэннэ барытын винограды үүннэрээччилэргэ туттарбыт уонна баран хаалбыт. 2 Кэмэ кэлбитигэр, өлүүтүн ылаары, чаҕар уолун винограды үүннэрээччилэргэ ыыппыт. 3 Ону кинилэр тутан ылан илдьи сынньыбыттар уонна туга да суох үүрэн ыыппыттар. 4 Өссө биир чаҕарын ыыппытын, ол киһини эмиэ төбөтүн бааһырдан, ыардык атаҕастаан ыыппыттар. 5 Өссө биир киһитин ыыппыт, ол киһини да, онтон да атын элбэх киһини ыыта сылдьыбытын - кими кырбаабыттар, кими өлөрбүттэр. 6 Кини соҕотох тапталлаах уоллаах эбит. Бүтэһигин кинини ыыппыт: «Уолбуттан баҕас тардыныахтара, атаҕастыахтара суоҕа», - диэн. 7 Ол эрээри били винограды үүннэрээччилэр сүбэлэспиттэр: «Ити нэһилиэстибэ ылыахтаах киһи, кинини өлөрүөҕүҥ, оччоҕо нэһилиэстибэ барыта биһиэхэ тиксиэ». 8 Уонна тутан ылан кинини өлөрбүттэр уонна виноград сирин таһыгар бырахпыттар. 9 - Виноград сирин бас билээччи тугу гыныаҕай? Кини кэлэн виноград үүннэрээччилэри өлөртүөҕэ оттон сирин атыттарга биэриэҕэ. 10 Ама эһиги маннык Суруйууну аахпатах үһүгүт дуо? «Тутааччылар сирэн бырахпыт таастара дьиэни барытын сүгэн турар тирэх буолбут. 11 Бу - Айыы Тойон ыйааҕа, ону көрөн сөҕөбүт», - диэни? 12 Иисус кинилэр тустарынан үгэ-номоҕу кэпсээбитин өйдөөн, Кинини сонно тутан ылыахтарын баҕарбыттар эрээри, дьонтон толлубуттар, онон хаалларан, тэйэн биэрбиттэр.

Ыраахтааҕыга төлөнөр түһээн

13 Ити кэнниттэн Иисуска, Кинини тылыттан хаптараары, сорох фарисейдары уонна Ирод куомуннаахтарын ыыппыттар. 14 Ол дьон кэлэннэр Киниэхэ эппиттэр: - Үөрэтээччи! Эн кырдьыксыккын уонна кимиэхэ да бэрт буола сатаабаккын билэбит: тоҕо диэтэххэ кими да араарбакка, кимтэн да толлубакка, Эн дьиҥ-чахчы Таҥара суолугар үөрэтэҕин. Эт эрэ, ыраахтааҕыга түһээни төлүөххэ сөп дуу, суох дуу? Биһиги төлүүбүт дуу, суох дуу? 15 Иисус кинилэр сирэй көрбөх майгыларын, албыннарын билэр буолан, эппит: - Тоҕо эһиги Миигин тургутан көрөҕүт? Миэхэ манньыатта аҕалан көрдөрүҥ. 16 Манньыаты аҕалбыттар. Онуоха Иисус кинилэргэ эппит: - Бу ким мөссүөнэй уонна суругай? Кинилэр Киниэхэ хардарбыттар: - Ыраахтааҕы киэнэ. 17 - Оччоҕуна ыраахтааҕы киэнин ыраахтааҕыга биэриҥ, оттон Таҥара киэнин -Таҥараҕа, - диэбит Иисус. Ону истибиттэр бары олус сөхпүттэр.

Кэргэннэнии уонна өлөн баран тиллии туһунан

18 Ол кэннэ Киниэхэ өлөн баран тиллиини билиммэт саддукейдар кэлэн ыйыталаһан барбыттар: 19 - Үөрэтээччи! Моисей биһиэхэ маннык диэн суруйан хаалларбыт: «Ким эмэ убайа кэргэнигэр оҕо хаалларбакка өлөн хааллаҕына, инитэ кини кэргэнин ойох ыллын уонна убайын удьуорун салҕаатын». 20 Манна сэттэ ини-биилэр олорбуттара. Улаханнара кэргэн ылбыта да, өлөрүгэр киниттэн оҕо хаалбатаҕа. 21 Ол кэннэ иккис инилэрэ бу дьахтары кэргэн ылбыта уонна эмиэ оҕо хаалларбакка өлбүтэ. Үһүс инилэрэ эмиэ. 22 Бу дьахтары сэттиэн ыла сылдьыбыттара да оҕоломмотохторо. Дьахтардара барыларын кэнниттэн өлбүтэ. 23 Тиллии кэмэ кэллэҕинэ, дьахтар хайаларын кэргэнэ буолуой? Бары сэттиэн ыла сылдьыбыттара эбээт. 24 Иисус эппит: - Суруйуулары да, Таҥара да күүһүн билбэт буолаҥҥыт сыыһа өйдөбүллэргэ мунар буолбаккыат? 25 Өлөн баран тилиннэхтэринэ ойох ылбаттар, эргэ да тахсыбаттар, халлааҥҥа баар аанньаллар курдук сылдьаллар. 26 Оттон өлбүттэр тиллиэхтээхтэрин туһунан Моисей кинигэтигэр, уокка умайбат хатыылаах ыарҕа угун туһунан кэпсээҥҥэ, Таҥара хайдах: «Мин Авраам Таҥаратабын, уонна Исаак Таҥаратабын, уонна Иаков Таҥаратабын» - диэн эппитин эһиги ама аахпатаххыт дуо? 27 Кини өлбүттэр Таҥаралара буолбатах, тыыннаахтар Таҥаралара. Эһиги улаханнык сыыстарар эбиккит.

Кэһиллибэт кэриэстэртэн улаханнара

28 Кинилэр кэпсэтиилэрин уонна Иисус кинилэргэ хайдах курдук үчүгэйдик хардарбытын истэн, ыйааҕы үөрэтээччилэртэн биирдэстэрэ чугаһаан Киниттэн ыйыппыт: Бары кэһиллибэт кэриэстэртэн хайалара улаханый? 29 Иисус киниэхэ хардарбыт: - Кэриэстэртэн сааамай улаханнара маннык: «Иһит, Израиль! Биһиги АйыыТойон Таҥарабыт барыбытыгар соҕотох Айыы Тойомут. 30 Айыы Таҥараҕын бүтүн сүрэххинэн, дууһаҕынан, өйгүнэн уонна туох баар күүскүнэн барытынан таптаа». Бу баар кэриэстэртэн бастыҥнара! 31 Иккиһэ бу баар: «Чугас киһигин бэйэҕин таптыырыҥ курдук таптаа». Бу балартан ордук улахан кэриэс суох. 32 Онуоха ыйааҕы үөрэтээччи Иисуска эппит: - Сөп, Үөрэтээччи! Таҥара соҕотох, Киниттэн ураты атын суох диэн Эн чахчыны эттиҥ. 33 Кинини бүтүн сүрэхпитинэн, дууһабытынан, туох баарбытынан барытынан таптыахтаахпыт. Бэйэбит чугас киһибитин бэйэбитин таптыырбыт курдук таптыахтаахпыт - бу тугу да уокка биэриэхтээҕэр уонна хайа да сиэртибэтээҕэр ордук. 34 Иисус кини өйдөөхтүк, сиэрдээхтик эппиэттээбитин истэн, эппит: - Эн Таҥара Баһылыыр Дойдутуттан ырааҕа суоххун. Ол кэннэ ким да санаата буолан Киниттэн өссө ыйыппатах. 35 Иисус, Храмҥа салгыы үөрэтэ туран, эппит: - Ыйааҕы үөрэтээччилэр тоҕо Кэлиэхтээх Быыһааччыны Давид уола диэн ааттыылларый? 36 Давид бэйэтэ Айыы Тыынынан өрө көтөҕүллэн туран эппитэ эбээт: «АйыыТойонТаҥара минАйыы Тойоммор эппитэ: «Мин Эн өстөөхтөргүн Эн иннигэр самнарыахпар диэри, Эн Мин уҥа өттүбэр олор». 37 Давид бэйэтинэн Кинини Айыы Тойонум диэн ааттыыр, оччоҕо хайдах Кини киниэхэ уола буолуохтааҕый? Ону элбэх ахсааннаах дьон үөрүүнэн истибиттэр. 38 Иисус салгыы үөрэппит: Уһун таҥаһы кэтэри, болуоссаттарга уруйдатары, 39 синагогаларга инники олоххо, ыҥырыылаах түһүлгэлэргэ бастыҥ олоххо олорору сөбүлүүр ыйааҕы үөрэтээччилэртэн сэрэниҥ. 40 Бу огдооболор дьиэлэрин хорон сиэччилэр уонна дьон көрөрүгэр эрэ үҥээччилэр атыттардааҕар ыар буруйга тиксиэхтэрэ.

Огдообо сиэртибэтэ

41 Ол кэннэ харчы утар хоппо утары олорон баран, Иисус дьон хайдах онно алтан харчыны угалларын кэтээн көрбүт. Үгүс баайдар үгүһү укпуттар. 42 Биир дьадаҥы огдообо дьахтар буоллаҕына икки бытархай харчы сыыһын укпут. 43 Иисус үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан, кинилэргэ эппит: - Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ити дьадаҥы огдообо дьахтар харчы угар дьааһыкка барыларыттан элбэҕи сиэртибэлээтэ. 44 Тоҕо диэтэргит, бары бэйэлэриттэн ордору укпуттара, оттон кини тыын салҕаныахтаах аһыыр аһын барытын укта.

Бүтэр уһук бэлиэлэрэ

13:1 Иисус Храмтан тахсан истэҕинэ, үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Киниэхэ эппит: - Үөрэтээччи! Көр эрэ, хайдахтаах таастарый уонна хайдахтаах тутуунуй! 2 Иисус хардарбыт: - Ити сүҥкэн тутууну көрөҥҥүн этэҕин дуо? Ити барыта тааска таас хаалбат гына олоччу урусхалланыаҕа. 3 Онтон Иисус Храм утары, Елеон хайатыгар тахсан олордоҕуна, Петр, Иаков, Иоанн уонна Андрей бэйэлэрэ эрэ кэлэннэр бүөмнээн Киниттэн ыйыта ласпыттар: 4 - Биһиэхэ эт эрэ, ол хаһан буолуоҕай уонна ол ыган кэлбитин туох бэлиэ көрдөрүөҕэй? 5 Иисус кинилэргэ кэпсээн барбыт: - Ким да эһигини албыҥҥа үктэппэтин туһугар сэрэхтээх буолуҥ. 6 Элбэх киһи Мин ааппынан ааттанан кэлиэхтэрэ, элбэх киһи өйүн сүүйүөхтэрэ, муннарыахтара. 7 Сэрии туһунан эбэтэр сэрии сураҕын иһиттэххитинэ, өлөрдүү куттанымаҥ: бу буолуохтаах, ол эрээри, бу өссө бүтэр уһук буолбатах. 8 Омук омукка, дойду дойдуга саба түһүөҕэ. Сорох сирдэргэ сир хамсааһыннара буолуохтара, сут саҕаланыаҕа, аймалҕан тахсыаҕа. Бу - төрүүр талыы киириитэ эрэ буолуо. 9 - Онон эһиги сэрэнэ сылдьыҥ: тоҕо диэтэргит, эһигини тутаннар суукка биэриэхтэрэ, синагогаларга кырбыахтара, ол кэннэ баһылыктар уонна ыраахтааҕылар иннилэригэр Мин туспуттан туоһу оҥостоору гыныахтара. 10 Бастатан туран итэҕэлэ суохтарга Үтүө сурах тарҕатыллыахтаах. 11 Эһигини тутан ылан дьүүлгэ тартахтарына хоруйдуохтаах тылгытын эрдэттэн бэлэмнээмэҥ, толкуйдуу сатаамаҥ. Ол түгэҥҥэ эһиэхэ туох бэриллибитин этээриҥ - ол эһиги буолбакка, АйыыТыын саҥарыа. 12 - Ини убайын, аҕа оҕотун таҥнаран, өлөр өлүүгэ анньан биэриэ. Оҕолор төрөппүттэрин утары туруохтара, кинилэри өлөртүөхтэрэ. 13 Оччоҕо Мин туспуттан эһигини бары абааһы көрүөхтэрэ. Ким ону бүтэһигэр дылы тулуйбут - ол быыһаныаҕа. 14 - Оттон Даниил бороруогунан этиттэриллибит урусхалланыы сидьиҥ быһыыта ханна буолуо суохтаах сиригэр буолбутун көрдөххүтүнэ - маны ааҕааччы сөпкө өйдүөхтүн - оччоҕо Иудеяҕа бааллар хайаларга куоттуннар. 15 Ким дьиэ үрдүгэр сылдьааччы ол аллара түспэтин уонна дьиэтиттэн тугу да ыла киирбэтин. 16 Оттон ким хонууга сылдьыбыт - ол таҥаһын ыла төннүбэтин. 17 Ол күннэргэ хат дьахталларга уонна эмиийдээччилэргэ хара сор буолуо! 18 Бу куотуугут кыһыҥҥы кэмҥэ түбэспэтин туһугар үҥүҥ. 19 Тоҕо диэтэргит, ол күннэр Таҥара аан дойдуну айбыт күнүттэн баччааҥҥа диэри буола илик уонна хаһан да буолбат кутурҕан күннэринэн буолуохтара. 20 Өскөтүн Таҥара бу күннэри кылгаппатаҕа буоллар, ханнык да инчэҕэй эттээх-хааннаах быыһаныа суох этэ. Ол эрээри, Кини Бэйэтэ талан ылбыт дьонун туһугар бу күннэри кылгаппыт. 21 Ол саҕана ким эрэ эһиэхэ: «Бу манна Кэлиэхтээх Быыһааччыбыт баар» эбэтэр «онно баар» диэтэҕинэ - итэҕэйимээриҥ. 22 Тоҕо диэтэргит, сымыйа быыһааччылар, сымыйа бороруоктар өрө туран кэлиэхтэрэ уонна төһө кыалларынан талыллыбыт дьону кытары албыннаары араас бэлиэлэри уонна дьиктилэри көрдөрүөхтэрэ. 23 Онон сэрэхтээх буолуҥ! Мин туох буолуохтааҕын барытын эһиэхэ эрдэттэн кэпсээтим. 24 Ол кутурҕан күннэрин кэнниттэн күн хараара өлүө, ый сырдыгын биэрбэт буолуо, 25 сулустар халлаантан туллан түһүөхтэрэ, халлаан күүстэрэ айгырыахтара. 26 Оччоҕо Киһи Уола килбиэннээхтик туругуран, модуннук күүһүрэн былыттар үрдүлэринэн иһэрин көрүөхтэрэ. 27 Оччоҕо Кини Бэйэтин аанньалларын ыыталаан, Бэйэтэ талан ылбыттарын аан дойду түөрт өттүттэн, сир, халлаан уһуктарыттан тиийэ, үмүрү тардан, хомуйан ылыаҕа. 28 - Холобурунан хатыҥы ылан көрүҥ: кини лабаата сымнаабытын уонна сэбирдэҕэ тыллыбытын бэлиэтии көрдөххүтүнэ, эһиги сайын чугаһаабытын билэҕит. 29 Ол курдук, бу туолан эрэрин көрдөххүтүнэ, сэрэйиҥ-билиҥ: бүтэр уһук чугаһаабыт, аан таһыгар турар. 30 Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: бу удьуор эстэ илигинэ ол барыта буолуоҕа. 31 Мин тылым суола суох симэлийиэн кэриэтэ, сир уонна халлаан симэлийиэхтэрэ.

Күнэ уонна чааһа биллибэт кэм

32 - Ол күн дуу, чаас дуу туһунан ким да билбэт, халлааҥҥа баар аанньаллар даҕаны, Уола даҕаны, арай Аҕата билэр. 33 Сэрэниҥ, сэргэх буолуҥ уонна үҥүҥ: тоҕо диэтэргит, ол кэм хаһан кэлэрин билбэккит.34 Ким эрэ айаҥҥа турунарыгар дьиэтин кулуттарыгар хаалларан уонна хас биирдиилэригэр сорудах биэрэн баран, аан харабылыгар сэргэх буол диэн дьаһайбытын тэҥэ. 35 - Онон сэргэх буолуҥ: тоҕо диэтэргит, дьиэлээх тойон хаһан төннөн кэлиэҕин билбэккит, киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, эбэтэр бөтүүктэр ыллыылларын саҕана дуу, эбэтэр сарсыарда дуу. 36 Эмискэ төннөн кэлэн Кини эһигини утуйа сытаргытын булбатын. 37 Бу эһиэхэ эппиппин киһиэхэ барытыгар этэбин: сэргэх буолуҥ!

Иудейдар таҥараларын үлэһиттэрэ Иисуһу өлөрөргө киксэллэр

14:1 Икки хонугунан Пасха уонна көтөҕүллүбэтэх килиэп (опресноктар) бырааһынньыктара саҕаланыахтааҕа. Ыйааҕы үөрэтээччилэр уонна таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ Иисуһу дьонтон кистээн тутан ылан өлөрөр албаһы көрдөөбүттэрэ. 2 Кинилэр эппиттэрэ: - Айдааны тардыбат туһугар, ол Пасха бырааһынньыгын кэмигэр эрэ түбэспэтин. 3 Иисус Вифанияҕа, араҥ ыарыыга ылларбыт Симон дьиэтигэр олордоҕуна биир дьахтар нардаттан туох да булкааһыга суох оҥоһуллубут мирра диэн дыргыл сыттаах күндү арыыны таас иһиккэ илдьэ кэлбит уонна ол иһитин алдьатан мирраны Кини төбөтүгэр куппут. 4 Сорохтор, ону сөбүлээбэккэлэр: - Тугу гынаары кини мирраны таах барыырый? 5 Ити мирраны үс сүүс манньыаттан да ыарахан сыанаҕа атыылаан умнаһыттарга түҥэтиэххэ сөп эбээт, - дэһиспиттэр. Уонна дьахтары сэмэлээбиттэр. 6 Оттон Иисус эппит: - Тыытымаҥ, тоҕо кинини мөрөйдөөтүгүт? Кини Миэхэ үтүөнү оҥордо. 7 Тоҕо диэтэргит, умнаһыттар куруутун эһигини кытары бааллар, кинилэргэ үтүөнү хаһан баҕарар оҥоруоххутун сөп. Оттон Мин эһигини кытары өрүү баар буолуом суоҕа. 8 Кини тугу кыайарын оҥордо: Мин эппинсииммин көмөргө анаан эрэдэттэн бэлэмнээтэ. 9 Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Бу Үтүө Сурах сир үрдүгэр ханна да тарҕатыллыбытын иһин, бу дьахтар аата, кини тугу оҥорбута ахтылла туруоҕа. 10 Онуоха Иуда Искариот, уон иккилэртэн биирдэстэрэ, Иисуһу таҥнаран биэрээри таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэригэр тиийбит. 11 Ону истэн кинилэр үөрбүттэр уонна киниэхэ харчынан төлүөх буолан эрэннэрбиттэр. Иуда Кинини таҥнаран биэрээри, тоҕоостоох түгэни көрдөөбүт.

Пасха аһын бэлэмнээһин

12 Көтөҕүллүбэтэх килиэп бырааһынньыгын бастакы күнүгэр, Пасхаҕа анаммыт бараан оҕотун өлөрбүт кэмнэригэр, Иисус үөрэнээччилэрэ Киниэхэ эппиттэр: - Пасха аһын ханна аһыаххын баҕараҕын? Биһиги тиийэн бэлэмниэ этибит. 13 Онуоха Иисус үөрэнээччилэриттэн иккилэрин маннык соруйан ыыппыт: - Куоракка барыҥ. Онно эһиги купсууҥҥа уу баһан иһэр киһини көрсүөххүт. Кинини батыһыҥ, 14 уонна кини ханна киирбит сиригэр, дьиэлээх тойоҥҥо этиҥ: «Үөрэтээччи ыйытар: Мин үөрэнээччилэрбин кытары пасха аһын аһыыр хоһум ханна баарый?» 15 Оччоҕо кини эһиэхэ үөһээ баар, аһааһыҥҥа анаан бэлэмнэниллибит үрүҥ хоһу көрдөрүөҕэ. Онно биһиэхэ бэлэмнээҥ. 16 Иисус үөрэнээччилэрэ барбыттар, уонна куоракка кэлэннэр, Кини эппитин булбуттар уонна Пасханы бэлэмнээбиттэр. 17 Киэһэ буолбутугар Кини Уон Иккилэрин кытары тиийэн кэлбит. 18 Ол кэннэ Иисус, кинилэр аһаан эрдэхтэринэ эппит: - Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: эһигиттэн, Миигин кытта аһыы олорооччулартан, биирдэскит Миигин таҥнарыаҕа. 19 Кинилэр онтон олус курутуйан бииртэн-биир Киниттэн: - Ол мин буолбатахпын дуо? - диэн туоһуласпыттар. 20 Иисус буоллаҕына эппит: - Кини - Миигин кытта биир иһиттэн умньаан сии олорооччуУон Иккилэртэн биирдэстэрэ. 21 Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук баран иһэр, ол эрээри, Киһи Уолун таҥнаран биэрээччи сору-муҥу көрүөҕэ: ол киһи төрөөбөтөҕө ордук буолуо этэ. 22 Ол кэннэ, кинилэр аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһуппут уонна кинилэргэ биэрбит, уонна эппит: - Мэйиҥ, бу Мин этим-сииним буолар. 23 Онтон Кини иһитин ылан, махтанан баран, кинилэргэ биэрбит: онуоха бары онтон испиттэр. 24 - Бу Мин Хааным буолар, элбэх киһи туһугар тоҕуллар Саҥа Кэс хаан, - диэбит Иисус. 25 - Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Таҥара Баһылааһына туругурдаҕына саҥа арыгыны иһиэхтээх күммэр диэри, аны виноград сүмэһиниттэн оҥоһуллубут утаҕы иһиэм суоҕа. 26 Ол кэннэ, махтал ырыатын ыллаан баран, Елеон хайатыгар тахсыбыттар. 27 Онно Иисус кинилэргэ эппит: - Эһиги бу түүн бары Миигиттэн киэр эргийиэххит: «Маныыһыты сууһарыам, оччоҕо барааннар үрүө-тараа барыахтара» - диэн суруллубута эбээт. 28 Ол эрээри, тиллэн баран, Мин эһигини Галилеяҕа тоһуйуом. 29 Онуоха Петр Киниэхэ эппит: - Бары да саарбахтаабыттарын иһин мин эрэ буолбатах. 30 Иисус киниэхэ эппит: - Кырдьыгы этэбин эйиэхэ, бүгүн, бу түүн бөтүүк иккиһин хаһыытыан иннинэ эн Миигин билэргин үстэ мэлдьэһиэҥ. 31 Оттон Петр өсөһөн туран эппит: - Эйигин кытта өлүөм да иһин, Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа. Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэр.

Гефсиманияҕа

32 Онтон Гефсимания диэн ааттаах сиргэ кэлбиттэр. Онно Иисус Бэйэтин үөрэнээччилэригэр эппит: - Мин бараммын үҥүөм, оттон эһиги манна олоро түһүҥ. 33 Кини Бэйэтин кытта Петры, Иаковы уонна Иоанны илдьэ барбыт. Сүрдээҕин аймаһыйан, туоххаһыйан, 34 кинилэргэ эппит: - Мин кутум өлөр кутурҕаҥҥа ылларда. Мантан барымаҥ уонна утуйумаҥ. 35 Уонна, иннин диэки барбахтыы түһэн баран, сиргэ охтон түспүт, кыаллар буоллаҕына, бу эрэй Кинини тумнарын туһугар үҥпүт. 36 - Абба Аҕам! - диэбит Иисус. - Эн туту барытын кыайаҕын; бу дьылҕаны Мин таспынан аһар. Ол эрээри Мин баҕарбыппынан буолбакка, Бэйэҥ баҕараргынан буоллун. 37 Ол кэннэ, төннөн кэлэн үөрэнээччилэрэ утуйа сыталларын көрөн Петрга эппит: - Симон, эн утуйан хаалбыккын дуу? Биир чаас кыайан сэргэх сылдьыбатыҥ дуу? 38 Утуйумаҥ уонна угаайыга киирбэт туһугар үҥүҥ: сүрэххит баҕатын сүһүөххүт уйбат. 39 Иисус эмиэ кинилэртэн тэйэн, урут эппитин хатылаан үҥпүт. 40 Онтон төннөн кэлбитэ, үөрэнээччилэрэ, ыараабыт халтаһаларын уйбакка, утуйа сыталлара уонна Киниэхэ туох диэн хардарыахтарын булбатахтара. 41 Үһүс төгүлүн кэлэн Иисус кинилэргэ эппит: - Эһиги өссө даҕаны утуйа, сынньана сытаҕыт дуу? Бүттэ, кэм кэллэ. Киһи Уола аньыылаахтар илиилэригэр бэриллэн эрэр. 42 Туруҥ, бардыбыт: Миигин таҥнарааччы чугаһаата.

Иисуһу тутан бараллар

43 Сонно тута, Иисус өссө саҥара турдаҕына, Иуда, Уон Иккилэртэн биирдэстэрэ тиийэн кэлбит. Кинилиин таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ, ыйааҕы үөрэтээччилэр уонна аҕа баһылыктар ыыппыт кылыстаах уонна үөрбэлээх дьонноро кэлсибиттэр. 44 Иисус таҥнарыахсыта Иуда кинилэргэ эрдэттэн бэлиэ биэриэх буолан болдьоспут эбит: «Мин Кими ууруубун да, ол Кини буолуоҕа. Кинини тутаарыҥ уонна эрэллээхтик харабыллатан илдьээриҥ». 45 Кэлээт да Кини Иисуска чугаһаабыт уонна: - Үөрэтээччи! - диэн баран Кинини уураан ылбыт. 46 Кэлбит дьон Иисуһу тутан ылбыттар. 47 Онно аттыгар турбут дьонтон биирдэстэрэ, кылыһын хаба тардан ылан, таҥара үрдүк сололоох үлэһитин кулутун охсон, кулгааҕын быһа дайбаан кэбиспит. 48 Онуоха Иисус тута кэлбиттэргэ эппит: - Эһиги Миигин түөкүнү тутар кэриэтэ кылыстаах уонна үөрбэлээх кэлбиккит. 49 Мин эһигини күн аайы Храмҥа үөрэтэр этим, онно эһиги Миигин туппатаххыт. Ол эрээри, Суруллубут барыта туолуохтун. 50 Онуоха үөрэнээччилэрэ, Иисуһу хаалларан, куотан хаалбыттар. 51 Арай ханнык эрэ биир эдэр уол, сыгынньах этин холустанан эринэн баран, Кинини батыспытын, буойуттар тутан ылбыттар. 52 Ону кини, холустатын хаалларан, сыгынньаҕын куоппут.

Үрдүкү Сүбэ иннигэр

53 Иисуһу таҥара үрдүкү үлэһитин дьиэтигэр аҕалбыттар. Онно таҥара үлэһиттэрэ, аҕа баһылыктар уонна ыйааҕы үөрэтээччилэр мустубут этилэр. 54 Петр Кинини ырааҕынан батыһан испит, оннооҕор таҥара үрдүкү үлэһитин олбуоругар киирбит. Онно харабыллары кытары олорон кутааҕа иттибит. 55 Оттон таҥара үлэһиттэрэ уонна Үрдүкү Сүбэ бүттүүнэ, Иисуһу өлөрөөрү, Кинини утары туоһуну көрдөөбүттэр да, булбатахтар. 56 Тоҕо диэтэххэ, элбэх киһи Кинини утары сымыйанан кэрэһиттииллэр эбит да, бары тус-туһунан этэр эбиттэр. 57 Онно сорохтор тура-тура Кинини утары кэрэһиттээн: 58 - Биһиги Кини: «Мин бу дьон туппут Храмнарын урусхаллыам уонна үс хонутунан атыны, илиинэн оҥоһуллубаты туруоруом», - диирин истибиппит, - дииллэр эбит. 59 Ол эрээри, бу да туоһулааһыннар син-биир ситэтэ суох эбиттэр. 60 Ол иһин таҥара үрдүк сололоох үлэһитэ ортоку хааман киирэн, Иисустан ыйыппыт: - Эн тоҕо тугу да хардарбаккын? Кинилэр Эйигин утары туох диэн туоһулуулларын истибэккин дуо? 61 Иисус буоллаҕына тугу да хардарбатах. Таҥара үлэһитэ өссө төгүл Киниттэн ыйыппыт: - Эн дуо, кэлиэхтээх Быыһааччы, Алгыстаах Таҥара Уола? 62 - Ол Мин, - диэбит Иисус, - эһиги Киһи Уола Күүс уҥа өттүгэр олорорун уонна халлаантан былыттары кытары кэлэн иһэрин көрүөххүт. 63 Онуоха таҥара үрдүк сололоох үлэһитэ таҥаһын хайыта тыытыммыт уонна эппит: - Биһиэхэ бу кэннэ туоһулар өссө туохха наадаларый? 64 Эһиги Таҥараны холуннарыыны иһиттигит. Ону туох дии саныыгЫт? Онуоха бары Иисуһу буруйдааҕынан ааҕаннар, өлөрөргө уурбуттар. 65 Сорохтор Киниэхэ силлээбиттэр. Сирэйин сабан баран, кырбаабыттар уонна: «Таай, ким охсубутун!» диэн ыкпыттар. Харабыллар Кинини илдьэ баран эмиэ кырбаан барбыттар.

Петр мэлдьэҕэ

66 Петр аллараа тиэргэҥҥэ турдаҕына, таҥара үрдүк сололоох үлэһитин чаҕар дьахталларыттан биирдэстэрэ, чугаһаан кэлэн,67 Петр иттэ олорорун көрбүт. Одуулаһан баран: - Эн эмиэ Назареттан хылдыар Иисуһу кытта сылдьарыҥ, - диэбит. 68 Онуоха Петр: - Мин тугу да билбэппин уонна эн туту этэргин өйдөөбөппүн, - диэн мэлдьэһэн кэбиспит. Уонна тас тиэргэҥҥэ тахсан барбыт. Сонно бөтүүк хаһыытаабыт. 69 Ол кэннэ чаҕар дьахтар, кинини өссө төгүл көрсөн баран, баар дьоҥҥо: - Бу киһи кинилэртэн биирдэстэрэ, - диэн хатылаабыт. 70 Онуоха Петр эмиэ мэлдьэспит. Чочумча буолаат, онно баар дьон эмиэ Петрга хаттаан: - Кырдьык, эн кинилэртэн биирдэстэрэҕин, тоҕо диэтэххэ, эн Галилеяттан сылдьарыҥ саҥаҕыттан биллэр, - диэбиттэр. 71 Кини буоллаҕына, кыыһыран, андаҕайан барбыт: - Ол кими этэргитин билбэппин. 72 Сонно тута бөтүүк иккистээн хаһыытаабыт. Онуоха Петр Иисус киниэхэ: «Бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ эн Миигин билэргин үстэ мэлдьэһиэҥ», - диэбитин өйдөөбүт. Уонна ытаан барбыт.

Иисус Пилат иннигэр

15:1 Сарсыарда эрдэ таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ аҕа баһылыктардыын уонна ыйааҕы үөрэтээччилэрдиин, итиэннэ үрдүкү сүбэ бүттүүнэ сүбэлэһэннэр уураах таһаарбыттар уонна Иисуһу, кэлгийэн баран, Иудеяны баһылыыр Пилакка илдьэн туттарбыттар. 2 Пилат Киниттэн ыйыппыт: - Эн дуо Иудея Ыраахтааҕыта? Иисус эппиэттээбит: - Эн итинник эттиҥ. 3 Таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ Кинини элбэххэ буруйдаабыттар. 4 Онтон Пилат Иисустан хаттаан ыйыппыт: - Эн тоҕо тугу да хардарбаккын? Эйигин хайдах курдук элбэххэ буруйдуулларын истибэккин дуо? 5 Ол эрээри, Иисус маныаха даҕаны тугу да хоруйдаабатаҕыттан Пилат олус сөхпүт.

Варавваны босхолотуу

6 Бырааһынньык аайы Пилат дьон көрдөһүүтүнэн биир хаайыылааҕы босхолуур үгэстээх эбит. 7 Ол кэмҥэ өрө туруу саҕана дьону өлөртөөбүт Варавва диэн ааттаах киһи бэйэтин биир санаалаахтарын кытары хаайыллан сыппыт. 8 Мустубут дьон Пилаттан кинилэргэ өрүү оҥорорун өссө төгүл оҥороругар көрдөһөн барбыттар. 9 Пилат кинилэртэн ыйыппыт: - Баҕараҕыт дуо, мин эһиэхэ Иудея Ыраахтааҕытын босхолуохпун? 10 Кини Иисуһу таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ ордугурҕааннар туттарбыттарын билбит эбит. 11 Ол эрээри, таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ мустубут дьону Пилаттан син-биир Варавваны көрдөөн ыларга кикпиттэр. 12 Онуоха Пилат кинилэргэ хардаран хаттаан ыйыппыт: - Оттон эһиги Иудея Ыраахтааҕыта диэн ааттыыр киһигитин мин хайыыбын? 13 Кинилэр хаһыытаһа түспүттэр: - Кириэскэ тиир! 14 - Кини туох куһаҕаны оҥорбут үһүнүй? - диэбит Пилат. Онно кинилэр өссө күүскэ хаһыытаспыттар: - Тиир Кинини кириэскэ! 15 Онуоха Пилат мустубут дьон баҕатын толороору, кинилэргэ Варавваны ыыппыт, оттон Иисуһу, таһыйтаран баран, тиирэргэ уурбут.

Буойуттар Иисуһу элэктииллэр

16 Буойуттар Иисуһу Пилат дьиэтин тиэргэнин иһигэр киллэрбиттэр. Онно элбэх буойуну мунньубуттар. 17 Киниэхэ ыраахтааҕы кэтэр таҥаһын кэтэрдибиттэр, ол кэннэ хатыылаах ыарҕаттан мэнньиэс өрөн, Кини төбөтүгэр уурбуттар.18 Уонна Кинини айхаллаабыта буолан үөгүлээбиттэр: - Иудея Ыраахтааҕыта, туругур! 19 Кинилэр Иисуһу ураҕаһынан төбөҕө охсуолаабыттар, Киниэхэ силлээбиттэр- хаахтаабыттар, тобуктаан туран Киниэхэ сүгүрүйэ оонньообуттар. 20 Дуоһуйуохтарыгар диэри күлүүэлэк оҥостон баран, Киниттэн били таҥаһын устубуттар, Бэйэтин таҥаһын кэтэрдибиттэр уонна Кинини кириэскэ тиирээри илдьибитгэр.

Кириэскэ тиирии

21 Ходуһаттан кэлэн ааһан иһэр ханнык эрэ Симон диэн Киринеяттан төрүттээх киһини, Александр уонна Руф аҕаларын, Иисус кириэһин сүгэн илдьэригэр күһэйбиттэр. 22 Иисуһу Голгофаҕа, тылбаастаан эттэххэ - «киһини өлөрөр сиргэ» аҕалбыттар. 23 Онно Иисуска туймаардар арыгы биэрбиттэрин, Кини испэтэх. 24 Иисуһу кириэскэ тиирбиттэр уонна Кини таҥаһын үллэстэллэригэр кимиэхэ туох тиксэрин, сэрэбиэй быраҕа-быраҕа, быһаарбыттар. 25 Кинини тиирэллэригэр сарсыарда тоҕус чаас буолан эрэрэ. 26 Өссө Кини буруйун бэлиэтээн: «Иудея Ыраахтааҕыта» - диэн хаптаһыҥҥа суруйан үрдүнэн ыйаабыттар. 27 Кинини кытта икки талабырдьыты кириэскэ тиирбиттэр. Биирин Кини уҥа өттүгэр, атынын хаҥас өттүгэр. 29 Ааһан иһээччилэр, кэҕиҥнии-кэҕиҥнии, Кинини үөхпүттэр: - Ээй, Храмы урусхаллааччы уонна үс күнүнэн туруорааччы, 30 Бэйэҕин Бэйэҥ быыһан, кириэстэн түс! 31 Эмиэ ити курдук таҥара үрдүк сололоох үлэһиттэрэ ыйааҕы үөрэтээччилэрдиин күлүү-элэк оҥостон, бэйэ-бэйэлэригэр этэллэр эбит: - Атыттары быыһыыр этэ, Бэйэтин Бэйэтэ быыһыыр кыаҕа суох! 32 Күүтүүлээх Быыһааччыбыт, Израиль ыраахтааҕыта буоллаҕына, биһиги көрөн турдахпытына кириэстэн түстүн, оччоҕо итэҕэйиэхпит. Бэл бииргэ тиириллибиттэрэ эмиэ Кинини үөхпүттэр.

Иисус өлүүтэ

33 Уон икки чаас чугаһыгар аан дойду үрдүнэн им-балай бүрүүкээбит уонна күнүс үс чааска диэри турбут. 34 Үс чааска Иисус улаханнык кыламмыт: - Элои, Элои! Ламма савахфани? (Тылбаастаатахха: «Айыы Таҥарам, Айыы Таҥарам! Тоҕо Эн Миигин хааллардыҥ?») 35 Онно баар дьонтон сорохторо, ону истэн, эппиттэр: - Ити Кини Илияны ыҥырар. 36 Онтон ким эрэ сүүрэн тиийэн, өрбөххө уксууһу оботторон аҕалбыт уонна ураҕаска иилэн, Киниэхэ иһэрдээри биэрбит. - Бэйи, билигин көрүөхпүт. Илия Кинини түһэрээри төһө кэлэрин, - диэбит кини. 37 Оттон Иисус, улаханнык саҥа таһааран ынчыктаан баран, сонно өлөн хаалбыт. 38 Онуоха Храм ис сабыыта үөһэттэн алларааҥҥа диэри икки аҥы хайа барбыт. 39 Иисуһу утары көрөн турбут сүүс буойуну салайар сэрииһит, Кини итинник, саҥа аллайан баран, өлөн хаалбытын көрөөт, эппит: - Бу Киһи чахчы Таҥара Уола эбит! 40 Итини ыраахтан дьахталлар көрөн турбуттар. Кинилэр ортолорутар Магдалаттан сылдьар Мария, кыра Иаков уонна Иосия ийэлэрэ Мария итиэннэ Саломия бааллара. 41 Кинилэр Иисуска, Кини Галилеяҕа баар эрдэҕиттэн батыһа сылдьаннар сулууспалаабыт этилэр. Ону таһынан Кинини кытта Иерусалимҥа кэлсибит атын да элбэх дьахталлар бааллара.

Иисуһу харайыы

42 Бээтинсэ күн киэһэтигэр, атыннык эттэххэ, субуотаҕа бэлэмнэнии күҥҥэ 43 Сүбэ биллиилээх чилиэнэ, бэйэтэ даҕаны Таҥара Баһылааһына саҕаланарын көһүтэ сылдьар, Аримафеяттан төрүттээх Иосиф кэлбит уонна, эр санаатын ылынан, Пилакка киирбит уонна Иисус өлүгүн көрдөөбүт. 44 Пилат, Кини өлө охсубутун истэн соһуйбут уонна сүүс буойун тойонун ыҥыран ыйыппыт: - Өлбүтэ ыраатта дуо? 45 Ол кэннэ, билэн баран, Иосифка Иисуһу биэрбит. 46 Иосиф, болотуна атыылаһан баран, Кинини кириэстэн түһэрэн болотунанан суулаабыт уонна таас хаспахха сытыарбыт. Ол кэннэ хаспах айаҕын тааһынан баттата уурбут. 47 Магдалаттан сылдьар Мария уонна Иосия ийэтэ Мария Иисус ханна харайыллыбытын көрбүттэр.

Тиллии

16:1 Субуота ааспытын кэннэ Мария Магдалина, Иаков ийэтэ Мария уонна Саломия буоланнар, Иисуһу тиийэн оҕунуохтаары дыргыл сыттаах арыылары атыыласпыттар. 2 Нэдиэлэ бастакы күнүгэр сарсыарда эрдэ, күн тахсыыта, Кини харайыллыбыт хаспаҕар барбыттар. 3 Ол иһэн кинилэр икки ардыларыгар: - Ким биһиэхэ хаспах ааныттан тааһы сыҕарытан биэриэй? - диэн муҥатыйбыттар. 4 Тиийээт да көрбүттэрэ, таас сыҕарытыллыбыт буолан биэрбит. Ол таас добуоччу улахан эбит. 5 Онтон хаспахха киирэннэр, уҥа диэки күлүмнэс үрүҥ таҥаһы таҥныбыт эдэр уол олорорун көрбүттэр уонна уолуһуйа куттаммыттар. 6 Оттон кини эппит: - Куттанымаҥ. Назареттан сылдьар Иисуһу көрдүүгүт, кириэскэ тиириллибити. Кини тиллибитэ! Кини манна суох. Кинини сытыарбыт сирдэрэ бу баар. 7 Кини үөрэнээччилэригэр уонна Петрга тиийэҥҥит: «Кини эһигини Галилеяҕа көһүтэр. Эһиги Кинини, Бэйэтэ эппитин курдук, онно көрүөххүт», - диэҥ. 8 Дьахталлар хаспахтан тахсан куоппуттар. Салҕалас буолуохтарыгар диэри уолуһуйаннар, кутталларыттан кимиэхэ да, тугу да эппэтэхтэр.

Тиллибит Иисустуун көрсүһүү

9 Нэдиэлэ маҥнайгы күнүгэр тиллэн баран, Иисус бастаан сэттэ куһаҕан тыыҥҥа буулаппытын үтэйтэрбиттээх Магдалаттан сылдьар Марияҕа көстүбүт. 10 Дьахтар баран, Кини үөрэнээччилэригэр, кутурҕаҥҥа ылларан ытаһа олордохторуна, тугу көрбүтүн кэпсээбит. 11 Ол эрээри кинилэр, Иисус тыыннааҕын уонна Мария Кинини көрбүтүн истэн баран, итэҕэйбэтэхтэр. 12 Ити кэнниттэн Иисус атын дьүһүннэнэн икки үөрэнээччитигэр, сэлиэнньэҕэ баран истэхтэринэ, суолга көстүбүт. 13 Ону кинилэр төннөн кэлэн, атыттарга кэпсээбиттэр, ол эрээри, олор кинилэри эмиэ итэҕэйбэтэхтэр. 14 Бүтэһигэр Иисус уон биир үөрэнээччигэ барытыгар, кинилэр аһыы олордохторуна көстүбүт уонна итэҕэлэ суохтарын итиэннэ тыйыс сүрэхтээхтэрин, Кини тиллибитин көрбүттэргэ итэҕэйбэтэхтэрин иһин хомуруйбут. 15 Уонна кинилэргэ эппит: - Аан дойду устун тарҕаһыҥ уонна бар-дьоҥҥо барытыгар Үтүө Сураҕы биллэриҥ. 16 Ким итэҕэйбит уонна сүрэхтэммит быыһаныа, оттон итэҕэйбэтэх дьүүлгэ туруо. 17 Итэҕэйээччилэри маннык бэлиэлэр арыаллыахтара: Мин ааппынан куһаҕан тыыннары үтэйиэхтэрэ, саҥа тылларынан саҥарыахтара; 18 моҕойдору сыгынньах илиилэринэн тутар кыахтаныахтара; өлүүнү аҕалар сүлүһүнү да истэхтэринэ, туох да буолуохтара суоҕа; ыарыһахтары илиилэринэн таарыйдахтарына кинилэр үтүөрүөхтэрэ. 19 Айыы Тойон Иисус кинилэргэ итинник этэн бүтэрин кытта Таҥара Кинини халлааҥҥа ылбыт уонна уҥа өттүгэр олордубут. 20 Оттон Кини үөрэнээччилэрэ сир-сир аайы тарҕаһаннар Айыы Тойон уонна Кини эппит бэлиэлэрин көмөтүнэн бардьону үөрэппиттэр. Аминь.

free web site hit counter